Муниципальное казенное учреждение культуры

Кытанахская модельная библиотека

678675, РС(Якутия), Чурапчинский улус, с. Килэнки, ул. Дорожная, 4

«Көҥүл» квест оонньуу

П.А.Слепцов-Ойуунускай – саха биллиилээх общественнай деятелэ, бэлиитик, саха сэбиэскэй литературатын төрүттээччи, суруйааччы, бэйээт, тылбаасчыт, драматург, учуонай-лингвист.

Платон Ойуунускай норуот саамай дирин түгэҕиттэн, саамай дьадаҥы араҥатыттан үѳскээн тахсыбыта. Кини 1893 сыллаахха сэтинньи 10 күнүгэр Таатта улууhугар үhүс Дьохсоҕон нэһилиэгэр тѳрѳѳбүтэ. Дьолго, чугас-тарыгар, Чычымахха, оскуола аhыллан, хороччу улаатан эрэр 14 саастаах Платон үѳрэххэ киирэр. Тѳрѳппүттэрэ тугунан да кѳмѳлѳhѳр кыахтара суох буолан, кини олус эрэйдээхтик үѳрэммитэ. Ол туhунан «О5о куйуурдуу турара» диэн кэпсээнигэр суруйбута. Кини, бэл, бастын үѳрэнээччи буолан, Дьокуускайга үѳрэххэ киирэн да баран, ити сортон-мунтан быыhам-матаҕа. «Дьокуускай түѳрт кылаастаах училищетын бүтэриэхпэр диэри түѳрт сыл устата арыт бокуонньук Егасов куухунатыгар кирийэрим, үксүн куорат трущо-баларыгар хонорум. Арай 1915 сыллаахха учительскай семинарияҕа киирэн, 14 солкуобай хааhына стипен-диятын ылыахпыттан киhилии олорбутум» диэн ахтара.

Оҕотук Ойуунускай үѳрэх-сайдыы диэни билбэккэ, харанаҕа хаайтаран, ыар баттал анныгар тэпсиллэр, үлэһит-хамначчыт кыра-дьадаҥы бар-дьонун кэр-дьэбэр умнаһыт олохтон хайдах быыhыахха сѳбүй диэн, санаа бѳҕѳҕѳ түһэн, мунчаара сылдьар кэмигэр сыылкаҕа кэлбит нуучча революционердарын кытта кѳрсүhэр. Кинилэр кистэлэн куруhуоктарыгар киирэн, Маркс үѳрэҕин кытта билсиhэр. Дьэ манна Платон үлэhит-хамначчыт дьон «баайдар уонна үѳрэхтээхтэр аhыныыларынан» буолбакка, кѳѳhүннээччилэр тутулларын суулларан, бэйэтин былааhын туругурдан эрэ дьоллоох олоххо тиийэр кыахтаах эбит диэн бигэ санааҕа кэлэр. Онон 1917 сылы социализм идея-ларын ѳйүнэн-сүрэҕинэн ылынан кѳрсѳр. Эhиилигэр Коммунистическай партияҕа киирэр. Дьэ мантан ыла норуот туhа диэн күннэри түүннэри– үлэлээн барар.

1918 сыллаахха П.А.Ойуунускай- Саха сиригэр советскай былааhы тэрийиигэ Центросибирь комиссиятын ба-hылыга, 1924 сылтан губревком председателэ, Авто-номнай Республика тэриллиэҕиттэн бастаан Саха АССР Совнаркомун, онтон быыстала суох Саха АССР Киин Ситэриилээх Комитетын председателэ, 1928-1929 сыл-ларга – уерэх уонна доруобуйа харыстабылын наркома. РК(б)П Х съеьин делегата. 2-с, 3-с ынырыылаах ССРС Киин Ситэриилээх Комитеттарын чилиэнэ. ХХI Советтар Бүтүн Россиятааҕы, 2-с Бүтүн Союзтааҕы съезтэрин делегата. Партия Саха Губерниятааҕы комитетын уонна обкомун бюротун чилиэнэ о.д.а.

П.А. Ойуунускай уонна М.К. Аммосов Саха Автономнай Советскай Социалистическай Республикатын төрүттээспит дьоннортон биирдэстэрэ буолаллар. Ойуунускайдаах республиканы салайбыт 5-6 сылларыгар Саха сирэ общественнай сайдыытыгар иннин диэки баhырхай хардыыны онорбута. Тыа дьадаҥытын сирэйэ-хараҕа суох көлөhүннээһин ууратыллыбыта. Урут баайдар баhылаан олорбут сирдэрэ дууhа ахсаанынан тэҥник үллэhиллибитэ. Үйэлэр тухары «баhа суох» аатырбыт үлэhит-хамначчыт дьон общественнай олоххо түмэ тардыллыбыттара. Дьахталлар эр киhини кытта тэҥ быраабы туппуттара. Норуот экономическай олоҕо кѳстѳ тупсубута. Гражданскай сэриигэ ал-дьаммыт-кээһэммит хаһаайыстыба чөлүгэр түспүтэ. Сүѳhү-ас ахсаана революция иннинэээҕи таһымы ааһа барбыта. Көмүhү сууйар промышленность тэриллибитэ. Хотугу кыра норуоттар олохторугар-дьаһахтарыгар болҕомто күүhүрбүтэ. Ордук үѳрүүлээх кыайыылар культурнай тутууга ситиhиллибиттэрэ. Саха суруга-бичигэ үѳскээбитэ, үѳрэнэр кинигэлэр бэчээттэммиттэрэ. Сир-сир ахсын оскуолалар, балыыhалар, ааҕар балаҕаннар арыллыбыттара. Национальнай литератураны уонна искусствоны  үөскэтиигэ, сайыннарыыга эрчимнээх дьаhаллар ылыллыбыттара. Дьэ бу кырдьык даҕаны Ойуунускайдаах эдэр эрдэхтэринэ ыраламмыт социалистическай олохторун бастакы сибикилэрэ этилэр. Ойуунускайдаах республиканы салайбыт сылларыгар саха ахсаана 17 тыһыынча киhинэн элбээбит. Кинилэр уhуллубуттарын кэнниттэн 1959 сыллаахха диэри саха ахсаана тохтоло суох а5ыйыы турбута. Платон Алексеевичтаах бу сылларга, сылайар-сындалыйар диэни билбэккэ, этэргэ дылы, сылтан-сыл ахсын эбии эрчимирэн- тэтимирэн, «утуйар ууларын умнан», киhи сѳ5ѳр баhырхай үлэтин улэлээбиттэрэ.

ахсын эбии эрчимирэн- тэтимирэн, «утуйар ууларын умнан», киhи сѳҕѳр баhырхай үлэтин үлэлээбиттэрэ.

Платон Алексеевич бэйэтэ- тыл үѳрэхтээҕэ. Кини сахаттан бастакы лингвистическай (билиҥҥинэн филологическай) наука кандидата буолбута.Саха тылын урут үѳрэппит ученайдартан уратыта диэн буолар- саҥа олох үѳhүгэр сылдьан Улуу Октябрьскай революция кыайбытын кэннэ сахалыы тылынан суругу олохтуурга элбэх үлэни ыыыппыта. Урукку ѳттүгэр суруга суох норуот бэйэтин тылынан суруктаныыта суолтата улахан, сүүнэ событие буолбута. Ойуунускай тылга сыһыаҥҥа элбэх научнай ыстатыйалар ааптардара буолар. Ол курдук киирии тыллары суруйууга, терминнэргэ бэрт утумнаахтык дьаныhан туран дьарыктаммыта.

П.А.Ойуунускай олоҕо трагическайдык быстыбыта: 1939 сыллаахха алтынньы 31күнүгэр НКВД-лар хаайыы-ларыгар кырбанан, сэймэктэнэн, муҥу-сору көрөн өлбүтэ.

П.А.Ойуунускай бэйэтин үрдүк төлкөтүн бэрт эрдэ сэрэйбитэ. Өссө 1917 сыллаахха ахсынньы 27 күнүгэр, общественнай үлэьит, суруйааччы быһыытынан олоҕун суолун аартыгар сабыс саҥардыы үктэнэн туран, доҕоругар М.К.Аммосовка суругар маннык бэлиэ тыллары эппиттээх: «Народ, имеющий свою будущность, поймет нас, если не при нас, то в будущем, и по адресу нашему скажет: «Дорогие граждане! Вы были и работали за нас. Спасибо Вам!» Норуот дьолун-соргутун туһугар охсуһар ити эркээйилээх суолуттан олоҕун усталаах туоратыгар кини тутум да туораабатаҕа, харыс да халбаннаабатаҕа.

П.А.Ойуунскай төрөөбүт күнүн чэрчитинэн кини малларынан, сылдьыбыт сирдэринэн «Көҥүл» квест оонньуу интэринээт оҕолоругар ыытылынна

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *