Уол оҕону өй-санаа, эт-хаан өттүнэн сайдыылаах, төрөөбүт түөлбэҕэ бэриниилээх патриот, аныгы олоххо бэлэмнээх дьон буолан тахсыыларыгар тирэх буолар сыаллаах «Оскуола томторо» өб;гэ оонньуулара Кыайыы 80 сылын уонна Өрөспүүбүлүкэбит күнүн көрсө ыытылынна. Күрэҕи дьахтар Сүбэтин бэрэссэдээтэлэ Ольга Сергеевна Собакина иилээн-саҕалаан ыыттаКиирии эҕэрдэ тылы «Кытаанах нэһилиэгэ» тыа сирин түөлбэтин баһылыгын солбуйааччы Екатерина Иннокентьевна эттэ, бу күрэх балаһыанньатын, […]