Чурапчы улууһун Ыччатын общественнай түмсүүтүн сэбиэтэ Кытаанах нэһилиэгэр, сэтинньи 14 күнүгэр, үс хоту нэһилиэктэри түмэн, биир сиргэ мунньан нэһилиэктэргэ ыччат туох кыһалҕалаах олорорун, ыччат баар сиригэр ыччат түмсүөхтээх, түмсүүлээх буолуохтааҕар сүбэ-ама биэрэр сыалтан ыалдьыттаан аастылар. Чурапчы улууһун эдэр ыччатын исписэлииһэ Алгыстаана Федорова, «Движение первых» салайааччыта Тимур Смирников, «Эрэл» эдэр учууталлар хамсааһыннарын салайааччылара Саина Дьулустановна, Антон […]
Категория: Без рубрики
Саха литературатыгар тапталы танара уонна иэйэр кут оностон туойбут киhинэн Алампа диэн сымна5астык ытыктыы ааттыыр суруйааччыбыт А.И.Софронов буолар, кини бүгүн төрөөбүт күнэ, сэтинньи 14 күнэ. Презентацияны көрүҥ, тургутугу толоруҥ. Билбэтэххитин билиэххит, умнубуккутун саныаххыт https://docs.google.com/forms/d/e/1FAIpQLSe1LWS-NzEMUpoPD_eU_-sDBpDfn0lcDIDceNCsupuSz5PELg/viewform?usp=sf_link
https://rutube.ru/video/480cc3778683aee67ebea2ac8f6e6226 Көрүҥ, сэргээҥ, сэҥээриҥ
СӨ бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев Саха АССР Орджоникидзевскай оройуонун (Хаҥалас улууһа) Өктөм нэһилиэгэр 1937 с. сэтинньи 13 күнүгэр төрөөбүтэ. Михаил Ефимович 1961 с. Омскайдааҕы судаарыстыбаннай бэтэринээринэй институту бүтэрэн, Эдьигээҥҥэ бэтэринээр бырааһынан үлэтин саҕалаабыта. Онтон Ыччат Бүтүн Сойуустааҕы Ленинскэй Коммунистическай Сойууһун улуустааҕы кэмитиэтин сэкирэтээринэн анаммыта. Салгыы Дьокуускайга комсомол кэмитиэтин бастакы сэкирэтээринэн, Миниистирдэр Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлин солбуйааччынан, […]
Хоһооннору Кытаанахтааҕы тыа сирин модеьнай библиотекатын рутуб ханаалыгар сэргээҥ, сэҥээриҥ https://rutube.ru/video/03ea262a3b13fe7aa763d84178d9fdfa Күрэх түмүгүн «Түһүлгэ норуот айымньытын Дьиэтин сайтыгар ааҕыҥ https://kytanax-tyhylge.ru/news
Сэтинньи ый — Баай Байанай ыйа. Сахалар биир саамай ытыктыыр, сүгүрүйэр ыйбыт. Сэтинньи ый алгыһa һук, һук,һук! Дьолуону тосхойооччу, өлгөмү биэрээччи, хара тыа хаһаайына, тумул тыа тойоно, кыһыл саһыл кымньыылаах, ой буур оонньуулаах, көй боллох сэксэ олохтоох, сөҥ сөгөлөөн тусаһалаах, эһээ диэтэххэ, эһээ диэччи, бардам тутуу, барылы кэскил, Барылаах Баай Байанай Тойон эһэм, бэттэх көрөн […]
Сэтинньи 2 күнүгэр Кытаанах уонна Арыылаах үөрэнээччилэрэ доҕордоһуу истиҥ көрсүһүүүлэрэ бу олус суолталаах сүдү энергетикалаах күн Кытаанахха буолан ааста. «Түһүлгэ» норуот айымньытын Дьиэтин уус-уран салайааччыта Любовь Николаевна Монгуш оҕолору алгыһынан көрүстэ, сэтинньи ый туомнарын билиһиннэрдэ, онтон методист Альбина Эдуардовна оһуохайынан уруйдаан илии-илиилэртэн ылсыһан өбүгэбит оһуохайын дьиэрэттибит. Дьэ онтон Сомоҕолоһуу бырааһынньыга хантан, хайдах үөскээбитин, хас сылтан […]
https://rutube.ru/video/7a31a868041715284eecdbc9f900c001
«Чурапчыына 2024» улуустааҕы Ийэ кыыһынаан конкурска Кытаанахтан Саргылана, Ева кыттан нэһилиэктэрин ааттатылар. 11 кыттааччыттан 4-с миэстэ буолан «Күндүүнэ» анал ааты ыллылар. Маны таһынан 5 түһүмэхтээх конкурс «Сүрэх сылааһа » түһүмэҕэр «Сылаас үтүлүк» видеороликтарынан бастакы миэстэ буоллулар. Бабиченко дьиэ-кэргэн роликтарын хаамыытын түгэннэриттэн хаартыскалары көрүҥ
«Ынах үүтэ – тылыгар» диэн мээнэҕэ эппэттэр. Үүтү туттарар тэриллиилээх хаһаайыстыбалар күөххэ үктэнэн, сорохторо сайылыктарыгар тахсаннар, слорох дэриэбинэҕэ да олорон үрүҥ илгэни үрүлүтэ сүүрдэллэр. Онон Кытаанахтааҕы үүтү тутар сыахха 15 ИП үүтүн, күҥҥэ ортотун 1144 тонна, онтон сайылыктарыгар тэҥинэн туттарыы буоллаҕынан 1400 туонна үрһҥ илгэни туттаран олороллор эбит. Билигин эргэ да буоллар хаачыстыбалаах ас-үөл […]