Муниципальное бюджетное учреждение

Кытанахская модельная библиотека

678675, РС(Якутия), Чурапчинский улус, с. Килэнки, ул. Дорожная, 4

ДАНЬЫЫЛАБЫС

Лонгинов
Петр Данилович
Үлэ,тыыл ветерана, “Кытаанах нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо”, баара буоллар бүгүн 90 сааһын туолуохтаах этэ. Кини ахтыытыттан:

«Мин, 1935 сыллаахха, сэтинньи 30 күнүгэр сыллаахха Кытаанах нэһилиэгэр “Кыыс эбэ” диэн алааска төрөөбүтүм. Аҕам Данил Гри горьевич,ийэм Ирина Андреевна диэн этилэр. 1942 сыл сайыныгар Чурапчы оройуонуен күүс өттүнэн хоту оройуоннарга балык булдугар көһөрүүгэ Кытаанах нэһилиэгини “Ярославскай” аатынан колхоз эмиэ ыытыллыбыта. “Бэстээххэ” диэри оҕуһунан айаннаан тиийбиппит.    Онтон пароходунан Тиит – Арыыга тиийбиппит, онно хас да хоммуппут кэннэ “Комсомол” диэн катерынан балаҕан ыйын 12 күнүгэр, Булуҥ оройуонун “Трофимовка” диэн дэриэбинэтигэр илдьибиттэрэ. Онно “Ярославскай” колхоз бүтүннүү тиийбиппит. Дэриэбинэбитигэр тиийээт сир хаһан 25 м. усталаах “землянка” хаһан, түүннэри-күнүстэри үлэлээн билиҥҥи хотон курдук холлоҕосторунан оҥорон муосталаан биэс хостоох дьиэ туппуппут”,- диэн убайым Уйбаан кэпсиирэ.
Биһиги колхозпут Трофимовскайдааҕы балык собуотугар, ол аата Лаптевтар муораларын кытыытыгар муус тоҥон эрдэҕинэ бүтэһик борохуотунан тиийэн, туох да тутуута суох кумахха сүөкээбиттэрэ. Биһиги ыал ийэбит, убайым Уйбаан 17 сааһыгар, мин сэттэбэр, балтым Мария алтатаыгар уонна түөртээх кыра балтыбытынаан бэһиэ буолан барбыппыт. Убайым тиийээт улахан дьону кытта тэңңэ үлэлэспитинэн барбыта. Улахан дьон уу а5албыт маһын хомуйан бараах дҗиэ туппуттара. Аара айаңңа тымныйан ийэбит кыра кыыһынаан ол дьиэ5э киирээт биир түүңңэ иккиэн хоонньоһон утуйа сытан өлбүттэрэ. Онтон сылтаан аймахтарбыт, убайбыт суо5уна, балтым Маша биһигини эрдэ киирэн олохсуйбут ыалга иитиэх биэрбиттэрэ. Балтыбын 6 саастаах кыыһы биир сулумах эмээхсин Афанасьева Пелагея Лукинична иитэ ылбыта. Онтон нөҥүө сылыгар Эдьигээҥҥэ көһөн тахсан олохсуйан сэттиһи бүтэрбитин кэннэ Чурапчыга педучилищеҕа үөрэнэ таарыйа аймахтаргын бул диэн ыыппыт этэ. Ити 1955 сыл күһүнгэр этэ. Миигин оҕото суох ыарыһах дьон ылан икки сыл кинилэргэ олорон,балык туустуур буочуканы оҥорооччу уолаттар олорор дьиэлэригэр, дьиэ хомуйааччынан үлэлээбитим
       Оннук үлэлии сырыттахпына убайым Уйбаан булан Тумат сэттэ кылаастаах оскуолатыгар үөрэххэ биэрбитэ. Кыһынын интернакка олорон үөрэнэн, сайын бултаммыт балык туустааһыныгар үлэлэһэн, 1948 сыл сайыныгар дойдубутугар кэлбиппит. Итинник дьылҕа миэхэ эрэ буолбакка көһөрүүгэ барбыт о5олор барыбыт иэдээнэ этэ. “Ярославскай” аатынан колхоз председателинэн көһөрүүгэ сырыттахпытына Саха АССР Верховнай депутата Миронов Николай Михайлович – Көмүһээрэп үлэлээбитэ. Кини төһө да аатын үс буукубанан илии баттаатар колхоһун дьоно этэҥҥэ олорон көрдөрүүлээх үлэни толороллоругар үгүс үтүөлэрдээх киһинэн сыаналыыбын.Колхоһун дьоно үксэ ол дойдуттан сэрии сылларыгар килбиэннээх үлэлэрин иһин мэтээллээх дойдуларын булбуттара. Тумакка төрдүс кылааһы бүтэрэн кэлбитим. П.Д.Лонгинов. «Ол ыар кэмнэргэ» ахтыы альбомуттан (автор Монгуш Л.Н.) «Данньыылабыс» анал таһаарыыны бу сигэнэн киирэн «Кытаанах нэһилиэгин Кыһыл көмүс пуондатыгар» сэргээҥ.

https://vk.com/wall313627769_21

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *