Умнуллубат Албан Ааттар
«Сэрии» диэн суоһар иһитиннэриини истибит тиһэх туоһу…..Аан дойдуну атыйахтаах уу курдук аймаабыт, харах уутун кыа хаанныы үрүйэлии сүүрүгүрпүт алдьархайдаах сэрии түмүктэммитэ 80 сыла. Нэһилиэк чэгиэн өттүлэрэ сэриигэ барбыттара. Онтон атыттара Улуу кыайыы туһугар күүскэ үлэлээбиттэрэ. Элбэх киһи ыалдьан, аччыктаан, тоҥон өлбүтэ. Ордук Кытаанах нэһилиэгэ сэрии сылларыгар күүскэ оҕустарбыта. Кинилэри Кэбээйигэ, Эдьигээҥҥэ, Өлөөҥҥө балыктата диэн Хоту күүс өттүнэн Көһөрүллүүгэ ыыппыттара. Кытаанах нэһилиэгин сэрии иннинээҕи, сэрии сылларыгар уонна сэрии кэнниттэн сылларын ол кэм туоһулара кэпсииллэрин бу сигэнэн киирэн сэҥээриҥ