Улууспут буойун суруйааччылара
Улуу Кыайыы 80 сыллаах үбүлүөйүн көрсө улууспут буойун суруйааччыларын, кинилэр айымньыларын билсиҥ. Суруйааччылар сойуустарыгар бааллары билиһиннэрэбит
Соловьев Василий Сергеевич — Болот Боотур (15.04.1915—24.05.1993) — саха норуодунай суруйааччыта, ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ (1966).
Олоҕун Олоҕун олуктара
1915 с. муус устар 15 күнүгэр Боотур Уус улууһун билигин Чурапчы IV Хатылы нэһилиэгэр төрөөбүт. Кыра эрдэҕиттэн норуот уус-уран айымньытыгар убанан үөскээбит. 15 саастааҕар оройуоннааҕы сир салаатыгар бастакы артыаллары тэрийэргэ көмөлөспүт. Всеобуч учууталларын кылгас кэмнээх бэлэмниир курустарын бүтэрэн 1933 с. Мындаҕаайы бастакы сүһүөхтээх оскуолатыгар учууталынан анаммыт.
Үлэлии сылдьан репрессияҕа түбэспит, учуутал үлэтигэр 1939 с. биирдэ төннүбүт. Мугудай оскуолатыгар үлэлии сылдьан Дьокуускайдааҕы педагогическай институт тыл уонна литература факультетыгар кэтэхтэн үөрэммит. Сэрии саҕаланан үөрэҕэ уурайбыт.
1942 с. сэриилэһэр аармыйаҕа ыҥырыллыбыт. Калиниград, баластарын, Литваны, Белоруссияны, Польшаны босхолооһуҥҥа кыттыбыт, сэриини Германияҕа түмүктээбит. Ыараханнык бааһыра сылдьыбыт.
Сэрии кэнниттэн үөрэтэр үлэҕэ төннүбүт. Фольклор уонна этнография матырыйааларын хомуйууннан дьарыктаммыт, оскуола түмэлин тэрийбит. 1955 с. кэтэхтэн үөрэнэн Дьокуускайдааҕы педагогика институтун бүтэрбит.
1993 с. ыам ыйын 24 күнүгэр өлбүт.
Айар үлэтэ
1957 с. кимиэхэ да биллибэт ааптар «Ол күн» диэн поэматынан Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин 40 сылыгар анаммыт өрөспүүбүлүкэ таһымнаах куоҥкуруска кыттан иккис бириэмийэни ылбыт. Поэма 1958 с. туспа кинигэнэн тахсыбыта. «Сааскы дьыбардар» романа 1967 сыллаахха буолбут куонкуруска эмиэ иккис миэстэни ылан суруйааччы прозаик быһыытынан сиппитин-хоппутун көрдөрбүт. Айымньы 1971 с. бэчээттэммит. Роман саха литературатыгар көс эбээннэр олохторун-дьаһахтарын көрдөрбүт бастакы айымньыннан буолбут.
Айымньылара
- 1. Ол күн. Поэма. — Якутскай, 1959;
- 2. Сааскы дьыбардар. Роман. — Якутскай, 1971;
- 3. Весенние заморозки. Роман /Авториз.пер. В.Дудинцева, Н.Гордеевой. — М., 1974; 1982;
- 4. Уһуктуу. Роман.- Кн. 1-3. — Якутскай, 1975 — 1987;
- 5. Пробуждение. Роман /Авториз.пер. В.Кочеткова — М., 1978 — 1984;
- 6. Ол күнтэн — бу күҥҥэ. Хоhооннор, поэмалар. — Якутскай, 1985;
- 7. Хомурахтаах хоту сирим оҕолоругар. — Якутскай, 1992.
Оҕолорго айымньылара
- Сибиинньэлии сигили (үгэ)
- Билбэт эрээри бэбээримэ (Үгэ)
- Тэйэр хайа (үгэ)
- Күтэр көлөлөммүтэ (үгэ)
- Соруока соруоха (үгэ)
- Чугаһынан тойооску (чабырҕах)
- Чоҕой уонна Ньоҕой (чабырҕах)
- Сырдык мичээрдэр Саас буолуута. сай кэлиитэ
- Хаҥкыһыт ырыата
- Хайыһарым барахсан
- Тугутчаан
- Куобахчаан
- Барыта таба оҕото
Наҕараадалара уонна ытык ааттара
- Албан аат III ст. уордьана
- Аҕа дойду Улуу сэриитин I ст. уордьана
- Саха норуодунай суруйааччыта
- Саха АССР П. А. Ойуунускай аатынан Государственнай бириэмийэтин лауреата
Быһаарыылар
- Саха саарыннара. Хомуйан оҥордулар Л. Г. Николаев, А. Г. Николаев, Ф. Э. Данилов. — Дь.: Кудук, 1998. ISBN 5-7863-0122-2
Алексей Спиридонович Бродников
Алексей Спиридонович Бродников (26.02.1917 – 25.06.1998) – поэт, прозаик. СӨ оскуолаларын үтүөлээх учуутала. Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии кыттыылааҕа. 1965 сылтан ССРС Суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ.
Чурапчы улууһугар 1917 сыллаахха олунньу 26 күнүгэр төрөөбүтэ. 1942 с.
Чурапчытааҕы педучилищены бүтэрбитэ уонна Сэбиэскэй Армия кэккэтигэр ыҥырыллан, снайперынан сулууспалаабыта. Старай Русса, Смоленскай уонна Холм анныларыгар сэриилэспитэ. 1945 сылтан ССКП чилиэнэ.
1955 с. Дьокуускайдааҕы учительскай институту бүтэрбитэ. Оройуон хаһыатын редакторын солбучааччынан уонна киэһээҥҥи оскуола учууталынан үлэлээбитэ.
1946 сылтан ыла бэчээттэммитэ. А.Бродников «Күөх чараҥҥа» диэн бастакы поэтическай хомуурунньуга 1959 с бэчээттэммитэ. Тиһэх сылларыгар кини фроҥҥа уонна тыылга сылдьыбыт саха буойуттарын дьылҕаларын туһунан романнары суруйан хаалларбыта.
А.Бродников айымньыларын сүрүн тиэмэтэ – бэйэтин кэминээҕи Саха сирин дьоно уонна айылҕатын хатыламмат кэрэтэ.
А.Бродников –Албан аат, Улуу сэрии I степеннээх уордьаннарын, бойобуой уонна үлэ мэтээллэрин кавалердар
Сэрии туһунан сүрүн айымньылара, кинигэлэрэ:
- Ветераннар. Хоһоон.
- Бааһырыы. Хоһоон.
- Көмүскэ уута. Роман.
- Аартык арыллыыта. Роман.
1.А. Бродников Бинтиэпкэбэр //Хотугу сулус .-1975.-№2.-С.108
2.Алексей Бродников, поэт (УлууКыайыы 34 сылыгар толорбут анкетататыгар кыргыһыы хонуутугар сылдьыбытын уонна сэрии тематыгар тугу суруйбутун туһунан //Хотугусулус .-1979.-№5.-С.116-117
3.Алексей Спиридонович Бродников Бинтиэпкэбэр. Сүгүрүйүү. Ветераннар: ХоҺооннор//Кыайыы: Саха фронтовик суруйааччыларын хоьоонноро, кэпсээннэрэ /В.С. Артемьев уруьуйа.-Якутскай: Кинигэ изд-вота, 1985.- С.20-23
4.А. Бродников Ветераннар; Бааһырыы: Хоһооннор //Сэриигэ сылдьан: орто уонна улахан саастаах о5олорго /[хомуйан оҥордулар:У.М. Флегонтова…].-Дьокуускай : Бичик, 2014.-С.11-12;
5.Алексей Спиридонович Бродников //А.А. Николаев-Сиэн Чохчо Үйэлэри уҥуордуур сырдык мөссүөннэр.-Дьокуускай: Дани-Алмас, 2015.- С.36;
6. Буойун суруйааччылар 1941-1945 /хомуйан оҥордо: С.Ф. Константинова.-Дьокуускай: Бичик, 2020.-50 с.
7. Кыырайа көт, кынаттаах атым. Хоһооннор. – Якутскай,1984
8. Айылгы туонабар. Хоһооннор, поэмалар. – Якутскай, 1987
Гавриил Иванович Макаров – Дьуон Дьаҥылы
(1914 — 1956)
Гавриил Иванович Макаров – Дьуон Дьаҥылы – поэт уонна тылбаасчыт.
Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа. 1947 сыллаахтан ССРС
Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ.
Гавриил Иванович 1914 сыллаахха олунньу 27 күнүгэр Чурапчы
оройуонугар Болтоҥо нэһилиэгэр Кындалга төрөөбүтэ. Оҕо сааһа Түөйэ үрэх
тардыытыгар ааспыта. 1937 сыллаахха саха бастакы лингвист-учуонайа
С.А.Новгородов аатынан Чурапчытааҕы педагогическай училищеҕа үөрэнэ
киирбитэ. Үһүс кууруһу бүтэрэн баран Уус Алдан оройуонугар Курбуһах
оскуолатыгар нуучча тылын оскуолатынан анаммыта. Онтон сотору кэминэн
Чурапчы оройуонун Дириҥ орто оскуолатыгар үөрэх чааһын
сэбиэдиссэйинэн көһөрүллүбүтэ. Уус Алдан оройуонун Курбуһах, Мүрү,
Танда, Чурапчы оройуонун кытаанах оскуолаларыгар үлэлээбит кэмигэр
нуучча литературатын чулуу классиктарын айымньыларыттан уус-уран
тылбаастары оҥорууга балайда үлэлэспитэ . Дириҥ орто оскуолатыгар
учууталлыы сылдбан 1943 сыллаахха сэриигэ бэбиэскэ туппута. 1943
сыллаахха хас да саханы кытта сылгылары Иркутскайга тэрдэр сорудаҕы
ылан , айаҥҥа туруммуттара. Сылтан ордук кэмҥэ чараас таҥастаах дьон
ыҥыырга олорон , айан саамай ыараханын көрсүбүттэрэ. Фронт үлэтигэр
туһаныллыахтаах 300-тэн тахса сылгы Залари диэн тимир суол станциятыгар
тиэрдиллибитэ. Онтон илиҥҥи кыраныыссаҕа турар байыаннай чаастарга
атаарыллыбыттара. Онно 94-үс дивизия 152-ис стрелковай полкатын 8-с
ротатыгар сулууспалаабыта. Белая камень диэн кыраныыссаҕа баар сопкаҕа
сайыны быһа бөҕөргөтүү оҥорон, траншеялары хаһан тахсыбыттара. 1945сыллаахха балаҕан ыйын 3 күнүгэр милитаристическай Японияны утары
сэрии саҕаламмыта. Бу сэриигэ Гавриил Иванович ыараханнык бааһырбыта.
Кини бастакы нүөмэрдээх пулеметчик этэ. Өр кэмҥэ госпиталга сытан
эмтэнэн баран, дойдутугар Чурапчыга 1946 сыллаахха эргиллэн кэлэр.
Гавриил Иванович сэрииттэн төһө да инбэлиит буолан эргилиннэр, норуот
үөрэҕириитин оройуоннааҕы отделын сэбиэдиссэйинэн үлэҕэ ылыллыбыта.
Бу үлэлиир кэмигэр учууталлар идэлэрин үрдэтиигэ туһаайыллыбыт киэҥ
далааһыннаах үлэни ыыппыта. Педагог быһыытынан тустаах идэтигэр,
ыччаты иитии, үөрэтии боппуруостарыгар болҕомтолоохтук сыһыаннаспыт,
учууталлары идэҕэ бэриниилээх буоларга ыҥырбыт эбит. 1949 сыллаахха
учууталлыы-учууталлыы кэтэхтэн Дьокуускайдааҕы учууталлары бэлэмниир
институт нуучча тылыгар уонна литературотыгар отделениятын үөрэнэн
бүтэрбитэ. 1950 сыллаахха Чурапчы орто оскуолатыгар саха тылын уонна
литературотын үөрэппитэ. 1951 сыллаахха Москваҕа А.М. Горькай аатынан
Литературнай институкка үөрэнэ киирбитэ. Дьуон Дьаҥылы “Колхоз хонуутугар” диэн бастакы хоһооно 1931
сыллаахха “Кыһыл ыллык ” сурунаалга бэчээттэммитэ. Гавриил Иванович
айар талаанын бастакы хараҥаччыта 1936 сыллаахха “Төрөөбүт Күүлэбэр”
диэн кинигэ буолан тахсыбыта. 1938 сыллаахха эдэр суруйаааччылар “Саас
сардаҥата” диэн альманахтарыгар “Сэттэ сирэй” диэн сатирическай поэмата
бэчээттэммитэ. Хомуурунньук 1946 сыллаахха Саха сиринээҕи кинигэ
издательствотыгар бэчээттэнэн тахсыбыта. Саха сириттэн фронт туһатыгар
диэн сылгылары үүрбүт кэмнэрин тустарынан “Бырастыы, Якутскай”,
“Тууйас”, “Мухтуйа”, “Витим”, “Сахалар ыллаһаллар, “Хаһан сэрии
бүттэҕинэ” диэн патриотическай хоһооннору суруйбута. Саха уус-уран
литературатын жанр уонна форма өттүнэн байыттарбын диэн норуот
олоҕуттан “Уйбаанчык” диэн хоһоонунан суруллубут историкопсихологическай романын маҥнайгы чааһын сылгы үүрэн иһэн суруйбута.
Саха уус-уран литературатыгар хоһоонунан роман баар буолуутугар бастакы
соргулаах холумтатын Дьуон Дьаҥылы “Уйбаанчык” диэн хоһоонунан
романынан уурсубута. Бу айымньы саха тылын поэтическай кыаҕын бары
кэрэтин, ойуулуур-дьүһүннүүр, кэпсиир-сэһэргиир ньымаларын балайда
толорутук биэрэр. Сэрии тиэмэтин арыйбыт хоһооннорунан “Поход” ,
“Илин, тус илин”, “Биһиги иһэбит” диэн айымньылара буолаллар. Кини
фронтан “Кыайдыбыт” диэн хоһоон кинигэтэ рукопистаах кэлбитэ. 1948
сыллаахха Дьуон Дьаҥылы “Сылгыһыт” диэн хоһоонунан суруйааччылар
уус-уран айымньылары көҕүлүүр соруктаах өрөспүүбүлүкэтээҕи суолталаах
куонкурустарыгар Ырыа Ылдьаакы диэн псевдонимынан кыттан, бастакы
миэстэни ылары ситиспитэ . Поэт быһыытынан үүнүүтүгэр бу сыллардааҕы устудьуон олоҕо улахан оруолламмыта. Кини бу сылларга литературнай
эйгэтэ кэҥээбитэ. Гавриил Иванович устудьуоннуур сылларыгар “Сааскы
тылгын – эт!” , “Халллаан күөҕэ хараҕын санатта”, “Оҕо малааһына”,
“Ийэбэр”, “Москваҕа көтүү”, “Сөдүөрэ”, “Сахам сиригэр саас иһэр”, “Мин
колхозпар”, “Массыынаһыт”, “Поэзия мин аргыһым” диэн тиэмэ, тыл-өс,
форма да өттүнэн үрдүктүк сыаналанар бастыҥ хоһооннору айбыта. Олорго
Саха сиригэр ахтылҕан, дойду сирин тардыыта, сэрии кэннинээҕи олохт
кэрэ-бэлиэ түгэннэрэ уус-уран тылынан хоһуллубуттара. Гавриил Иванович
сирин-уотун, Чурапчытын дьонун сэргэтин олус ахтара. Кини саҕа
Чурапчыга анаабыт элбэх хоһоонноох поэт суох.Ол курдук үс бастыҥ
хоһооно дойдутугар анаммыта.
“Чурапчы” диэн хоһооно Ф.Гоголев мелодиятыгар улуус гимнэ буолбута.
“Поэмаҕа киирии”, “Доҕордоһуу туһугар”, “Биһиги ыанньыксыттарбыт”,
“Дьаакып оҕонньор” диэн поэмалара айар үлэтин бэлиэ айымньыларын
быһыытынан сыаналаналлар. Хоһооннорун Түөйэлээхэп, Массыныыс
Хабырыыс диэн псевдонимнарынан бэчээттэтэрэ. Дьуон Дьаҥылы Саха
сиринээҕи Суруйааччылар сойуустарын бэрэссэдээтэлиттэн
В.А.Протодьяконов-Кулантайтан Аллайыаха оройуонугар айар
командировка туруорсан ылбыта. Кини тыйыс айылҕалаах, хоту дойду
үлэһит дьонун, табаһыттар, түүлээхситтэр уонна балыксыттар олохторун,
үлэлэрин суруйар былааннааҕа. “Юкагир уотун анныгар”, “Саҥа түспүт
сиргэ”, “Тордоххо Якутскай саҥарар”, “Кыһын муора кытыытыгар” диэн
саҥа уобарастардаах, ойуулааһыннардаах хоһооннору, “Хотугу хоһууттар” диэн үһүйээн-номоҕу бэрт талааннаахтык суруйан хаалларбыта. Дьуон
Дьаҥылы-талааннаах тылбаасчыт этэ. Нуучча биллиилээх
суруйааччыларыныын, кириитиктэриниин Переделкиноҕа баар
суруйааччылар сынньанар дьиэлэригэр бииргэ олорор, үлэлиир дьолломмута.
Кини өр сыллар усталарыгар дьаныардаахтык үлэлээн, нуучча улуу поэта
А.С.Пушкин биир уһулуччулаах айымньытын “Евгений Онегины”
тылбаастаан 1954 сыллаахха Саха сиринээҕи кинигэ издательствотыгар
бэчээттэнэн таһаарбыта. “Евгений Онегины сахалыы тылбаастааһын” диэн
дипломнай үлэ суруйбута. А.С.Пушкин “Сказка о попе и его работнике
Балде” остуоруйатын , Н.Некрасов “Декабристки” поэматын, Н.Хикмет “Зоя”
поэматын, В.А.Каверин “Да капитана” романын, Степан Феоктистович
Софроновтыын А.Н.Островскай “Снегурочка” остуоруйатын , олоҕун
бүтэһик күннэригэр Твардовскай А. “Василий Теркин” поэматын бастакы
аҥаарын тылбаастаабыта. Ситэрбэккэ хаалбыттылбааһын “Василий
Теркины” уон түөрт сыл буолан баран, Күн Дьирибинэ туспа кинигэнэн
салгыы тылбаастаан кһүн сирин сырдыгын көрдөрбүтэ. Доҕорун, биир
сайдыытыгар улахан суолталаах. Поэт чугас доҕорунаан Феоктист
Софроновтыын В.Шекспир “Ромео и Джульетта” трагедиятын тылбаастаабыттарын М.С. Щепкин аатынан Москватааҕы театральнай
училище иһинэн саха устуудьуйатыгар үөрэнэ сылдьар ыччаттар
туруорбуттара. Ону икки сылынан Дьокуускайга кэлэн көрдөрбүтэ. Дьуон
Дьаҥылы саха театрын артыыстарын кытта сибээстэһэрэ, кинилэр уус уран
тылбааһы оҥорторо биэрдэхтэринэулгумнук толороро.
Г. Макаров – Дьуон Дьаҥылы эдэр сааһыгар, күөгэйэр күнүгэр сылдьан
1956 сыллаахха кулун тутар 26 күнүгэр Аллайыаха оройуонугар айар үлэ
командировкатыгар сылдьан, эмискэ сүрэҕинэн ыалдьан өлбүтэ. Дьуон
Дьаҥылы сэмэй лириката олоҕу кытары сиибээстээҕэр, кини ааҕааччы
сүрэҕэр тиийэр кырдьыгы этэригэр, соччонон үйэлээх буоларыгар эрэнэрэ.
Айымньылара:
Төрөөбүт күүлэбэр : хоһооннор. – Якутскай : СССБС, 1936. – 17с. – (Эдэр
суруйааччылар айыыларын серията).
Хоһооннор. – Якутскай : САССР гос. Изд-вота, 1940.-33с.
Кыайдыбыт : [сэрии сылларыгар суруллубут хоһооннор]. – Якутскай :
САССР гос. изд-вота, 1946.- 34.
Хоһооннор, поэмалар. – Якутскай : Кинигэ изд-вота, 1958. – 219с.
Сахам сиригэр саас иһэр : хоһооннор, поэмалар / [хомуйан оҥордо
И.И.Эверстов]. – Якутскай : Кинигэ изд-вота, 1962.-103с.
Хоһооннор, поэмалар/ [хомуйан оҥордо С.А.Попов-Сэмэн Тумат]. –
Якутскай: Кинигэ изд-вота, 1974.-368с.
Хоһооннор, поэмалар / [хомуйан оҥордо, түмүк тылын суруйда
С.А.Попов-Сэмэн Тумат ; С.Скрябин уруһуйа]. Якутскай : Кинигэ изд-вота,
1985.-256с.
Хоһооннор, поэмалар. – Якутскай : Кинигэ изд-вота, 1944. – 220с.
Хотугу хоһууттар : орто саастаах оскуола оҕолоругар үһүйээн / [худож.
А.Иванова; конс. Г.Решетников; бэчээккэ бэлэмнээтэ С.А. Попов-Тумат. –
Дьокуускай]: Бичик, 2004. – 24с.
Бырастыы Якутскай ; Табахтыы эбэтэр табаарыстарбар сурук; Ленаҕа;
Бурдук; Чурапчы; Төрөппүт ийэбэр; Юкагир уотун анныгар ; Тордоххо
Якутскай саҥарар: хоһооннор // Саха поэзиятын антологията / хомуйан
оҥордулар : М.Д.Ефимов, И.И.Артамонов; ред. В.М. Новиков. – Якутскай, 1967.-С. 257-268
Ол мин дойдум – Чурапчы // Ыллыыр миэхэ күөрэгэй : ырыанньык /
Федор Гоголев. – Дьокуускай, 1994. – С. 4-5.
Лена тигинии устар ; Өлөөрү сытан ; Сылгыһыт; Юкагир уотун анныгар;
Тордоххо Якутскай саҥарар ; Чурапчы : хоһооннор// сүүрбэһис үйэ
хоһоонньуттара : саха поэзиятын анталогията : поэзия / хомуйан оҥордулар :
Н.Е.Винокуров-Урсун, С.И.Тарасов, Н.И.Харлампьева; худож. М.Г.
Старостин. – Дьокуускай, 2000. – С. 139-141.
Чурапчы : хоһоон // Көһөрүллүү суостаах сылларыгар / Д.П.Чечебутов ;ред А.Д.Чечебутова. – Чурапчы, 2015. – С. 57-58.
Ахтар сүрэх ырыата ; Сэриигэ барыы ; Эх, Лена эбэккэ; Тууйас хоһооннор// Хотугу сулус. – 1975. – №2. – С.106-108.
Саллаат доҕорбор : хоһоон // Саҥа олох. – Чурапчы. – 1996. – Кулун тутар8к. – С.2.
Тууйас : хоһоон // Саҥа олох. – Чурапчы. 1996. – Ыам ыйын 8к. – С.1.
Хаһан сэрии бүттэҕинэ : хоһоон // Саҥа олох. – Чурапчы. – 1999. Ыам ыйын 8к. – С.1.
Биһиги иһэбит : хоһоон // Чолбон. – 2010. — №5. – С.8-9.
Ол, мин дойдум – Чурапчы : хоһоон // Саҥа олох. – Чурапчы. – 2011.-Алтынньы 18к. – С.1.
Сарсыардааҥҥы саһарҕа ; Киэһээҥҥи мелодия ; Умнуллубат күннэр ;
Эдэрбэр күөгэйэр күннэрим саҕана ; Илин тус илин ; Москваттан сурук :хоһооннор // Чолбон. – 2014. – №2. – С. 32-36.
Тылбаастар:
Пушкин, А.С. Евгений Онегин : поэма / А.С.Пушкин. – Якутск : Кн. Издвота, 1977. – 205с.
Пушкин, А.С. Арион ; Муораҕа (Эллэйдиин) ; А.П.Кернҥэ ; Граф М.С.
Воронцовка ( К.Уурастыыраптыын) Аҕабыыт уонна кини хамначчыта Балда
туһунан остуоруйа : хоһооннор // Талыллыбыт айымньылар / А.С.Пушкин. –
Якутскай, 1949. – С. 26-180.
Тяжело раненный ; “Зачем я лег?…” : стихи / Джон Джанглы // Грани
алмаза : стихи якутских поэтов : [сост. Иван Федосеев, Юрий Чертов]. – М.,
– С. 183-184.
Сылгы үүрээчилэр; Песня погонщиков ; Саллаат доҕорбор ; Другу
солдата; Өлөөрү сытан ; Тяжело раненный : стихи // Их века в век : якутская
поэзия / составители : С.Н.Гловюк , Н.А. Лугинов, Н.И.Харлампьева; пер.
Ивана Вараввы. – М., 2009. – С. 186-191.
Гловюк, Н.А.Лугинов, Н.И.Харлампьева ; пер. Ивана Вараввы. – М., 2009. –С.186-191.
Степан Афанасьевич Саввин-Күн Дьирибинэ
(1903- 1970)
Степан Афанасьевич Саввин—Күн Дьирибинэ — сатирик- поэт, тылбаасчыт,
гражданскай уонна Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа. 1944 сыллаахтан
ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ.
1903 сыллаахха ахсынньы 24 күнүгэр Болтоҥо нэһилиэгэр дьаданы дьиэ
кэргэҥнэ төрообүтэ. Оскуолаҕа аҕыс саастааҕар үорэнэ киирбитэ. 1920
сыллаахха Чурапчы түөрт кылаастаах училищетын бүтэрбитэ уонна
Боотуруускай волревкомугар суруксуттаабыта. Онтон ити сыл күһүнүгэр
Дьокуускай куоракка икки сыллаах педагогическай кууруска үөрэнэ
киирбитэ. 1921 сыллаах сайын эмиэ дойдутугар тахсыбыта. Бу сырыыга
волревкомҥа инструктарынан үлэлээбитэ. Степан йсэрии сылларыгар ЧОН
(части особого назначения) этэрээтигэр байыаһынан киирэн ТулагыКиллэми, Амма Солобуодатын босхолооһунҥа кыттыбыта. Гражданскай
сэрии кэнниттэн С.А. Саввин техникумун ситэри бүтэрбитэ. 1924-1929
сылларга государствоҕа куттал суох буолуутун органнарыгар эппиэттээх
дуоһунаска сылдьыбыта, хас да сыл Булун оройуонугар үлэлээбитэ. Ол
сылларга кини «Кыым» хаһыакка «Куорат уола», «Хаб. Халскай» диэн
псевдонимы ылынан, үбү сиэччилэри, общественнай бэрээдэги кэһээччилэри
саралыыр критическэй ыстатыйалары, памфлеттары суруйбута.
Ыстатыйаларатиһигин быспакка кэриэтэ бэчээттэнэллэрэ. 19291933 сылларга
Москваҕа Илиҥҥи дойдулар үлэлээн иитиллээччилэрин коммунистическай
университеттарын (КУТВ) үөрэнэн бүтэрбитэ. Үорэҕин бүтэрээт, «Кыым»
хаһыат эппиэттиир эрэдээктэринэн үлэлээбитэ. 1942-1945 сылларга Аҕа
дойду Улуу сэриитигэр кыттыбыта. Степан Афанасьевич атырдьах ыйыгар
Сталинградскай фронна тиийбитэ. Танковай-десантнай ротаҕа
автоматчигынан сылдьыбыт, Сталинграды босхолоспут, Украина сиринэн Донбасска диэри сэриилэспит. 1945 сыллаахха Армияттан кэлэн баран 1945-
1955 сылларга Саха сиринээҕи кинигэ издательствотыгар эрэдээктэринэн,
онтон 1956 сылтан олоҕун тиһэх сылларыгар диэри «Хотугу сулус»
сурунаалга үлэлээбитэ. Сэбиэскэй бырабыыталыстыба С.А. Саввин бойобуой
үтүолэрин, айар үлэтин үрдүктүк сыаналаан, Ленин орденынан, Албан Аат
үһүс истиэпэннээх орденынан, «Бочуот знага» орденынан, медалларынан
уонна Бочуотунай грамоталарынан наҕараадалаабыта.
Күн Дьирибинэ саха литературатыгар 1925 сыллаахтан киирбитэ. Үгэни
таһынан поэтическай фельетон жанрын баһылаабыта. 1930 сыллаахха
«Тураах тойуга, сахсырҕа саҥата» диэн маннайгы кинигэтин бэчээттэппитэ.
Онно поэт 22 үгэтэ уонна хоһоонноро киирбиттэрэ. Кэлин 1945 сыллаахха
«Үгэлэр уонна хоһооннор», 1962 сыллаахха «Үгэлэр», «Үс үгэ» уонна 1975
сыллаахха «Талыллыбыт айымньыларын» хомуурунньуга бэчээттэммиттэрэ.
Күн Дьирибинэ фельетоннарын ааспыт олох хаалынньаннарын,
бюрократизмы утары туһаайбыта. Маны таһынан үспүкүлээннэри, сэбиэскэй
государственнай аппараакка кылаас остоохторо отон киириилэрин, сэргэҕэ
суох буолууну, итэҕэли саралыыр ис хоһоонноох үгэлэри суруйталаабыта.
С.А. Саввин талааннаах тылбаасчыт-суруйааччы быһыытынан эмиэ биллэр.
Кини М. Горькай «Ийэ», В. Ажаев «Москваттан ыраах» диэн романнарын, А.
Кононов «Ленин туһунан кэпсээннэрин», Дьуон Дьаҥылы ситэрбэккэ
хаалбыт А. Твардовскай «Василий Теркин» диэн поэматын салгыы
тылбаастаабыта, П. Ершов «Бокчогоркоон Соноҕосчоон» диэн остуоруйапоэматын уонна да нуучча, атын норуоттар остуоруйаларын, элбэх
айымньыларын сахалыы тылбаастаабыта.
С.А. Саввин-Күн Дьирибинэ саха литературатыгар үгэ жанрын аан бастаан киллэрбит, сахалыы сатирическай поэзияны сайыннарбыт талааннаах поэт
буолар.
Айымньылара
Тураах тойуга, сахсырҕа саҥата : ырыа, хоһоон. — Якутскай : САССР гос.
изд-вота, 1930 .-80 с.
Үгэлэр уонна хоһооннор. — Якутскай : САССР гос. изд-вота, 1945. — 80 с.
Үс үгэ : кыра саастаах оскуола оҕолоругар. — Якутскай : Кинигэ изд-вота,
— 18 с.
Талыллыбыт айымньылар. — Дьокуускай : Кинигэ изд-вота, 1975. — 176 с.
Талыллыбыт айымньылар / хомуйан онордо С. А. Попов—Тумат. —
Дьокуускай : Бичик, 2003. — 128 с
Тураахтаах күүдээх ; Тастын лааппы талбыт табаара ; Көбүөхтүүрүн аанньа
күох киһиргэс ; Уустарга ; Биэстэ эстэр бинтиэпкэбэр : хоһооннор // Саха
поэзиятын антологията / хомуйан онордулар : М. Д. Ефимов, И. И.
Артамонов ; ред. В. М. Новиков. -Якутскай, 1967.-С . 119-130.
Көбүөхтүүрүн аанньа күөх киһиргэс ; Уустарга ; Бэркэ таптыыр
биэбэккэбэр ; Биэстэ эстэр бинтиэпкэбэр : хоһооннор // Сүүрбэһис үйэ
хоһоонньуттара : саха поэзиятын антологията / хомуйан онордулар : Н. Е.
Винокуров-Урсун, С. И. Тарасов, Н. И. Харлампьева ; худож. М. Г.
Старостин. — Дьокуускай, 2000. — С. 145-147.
Уустарга ; Бэркэ таптыыр биэбэккэм, биэстэ эстэр бинтиэпкэбэр ;
Көбүөхтүүрүн аанньа күөх киһиргэс : хоһооннор // Сана олох. — Чурапчы. —
- — Ахсынньы 23 к.
Николай Дмитриевич Слепцов-Туобулаахап
(1912- 1964)
Николай Дмитриевич Туобулаахап — биллиилээх драматург, театр
режиссера, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа. Саха АССР
искусствотын үтүөлээх деятелэ. 1938 сыллаахтан ССРС Суруйааччыларын
сойууһун чилиэнэ. 1943 сыллаахтан ССКП чилиэнэ.
Чурапчы оройуонугар Бахсы нэһилиэгэр 1912 сыллаахха балаҕан ыйын 7
күнүгэр төрөөбүтэ. 1921 сыллаахха Бахсы начаалынай оскуолатыгар
киирбитэ. Гражданскай сэрии саҕаланан, оскуолата сабыллан, тохтуу-тохтуу
үорэммитэ. * 1930 сыллаахха хомсомуолга киирэр, ликбезкэ кыттан үлэлиир.
Отутус сылларга холкуоһу уонна комсомольскай ячейканы тэрийэн
бэрэссэдээтэлинэн, сэкирэтээринэн үлэлээбитэ. Ол сылдьан биир дойдулааҕа,
Саха драматическай театрын дириэктэрэ, Тарас Павлович Местников,
сүбэтинэн, көмөтүнэн театрга үлэлии киирэр. Театрга үлэлиир кэмигэр
Москваҕа саха бастакы устуудьуйата аһыллар. Онно 1932-1936 сылларга
үөрэнэн, сахалартан биир бастакынан үрдүк үөрэхтээх артыыс буолар.
Үорэҕин кэнниттэн 1964 сыллаахха диэри 30-тан тахса сыл П.А. Ойуунускай
аатынан Саха государственнай драматическай театрыгар драма артыыһынан
үлэлээбитэ. Николай Дмитриевич 100- чэкэ оруолу толорбута: А.И.
Софронов-Алампа «Таптал» драматыгар Сис Сэмэн, Д.К. Сивцев-Суорун
Омоллоон «Күкүр Уус» драмаҕа — Дьуон, Н. Островскай «Этиннээх ардах»
драматыгар — Борис уонна Тихон, Т. Сметанин «Лоокуут уонна Ньургуһун» —
Мардьааһай, Амма Аччыгыйа «Холуонньаттан коммунаҕа» — Иванов, С.
Ефремов «Лэкиэс» — Намыын Уйбаан уо.д.а. Бэйэтэ суруйбут «Селькор
Сэмэн», «Айталина», «Өстоох арҕаҕар», «Алмаастаах тайҕаҕа», «Сааба»,
«Ыалдьыт» диэн драмалара театрга туруоруллубуттара.
Н.Д. Слепцов-Туобулаахап отуттан тахса сыл устата үлэлээбит кэмигэр
Саха АССР искусствотын үтүөлээх деятелэ диэн бочуоттаах аат инэриллибитэ. Кини кэргэнэ Прасковья Семеновна Саха АССР үтүөлээх
артыыһа. Үс оҕолоохтор.
Саха музыкальнай-драматическай театрыгар артыыстыы сылдьан, 1941
сыллаахха аармыйаҕа ынырыллыбыта. Сэрии саҕаланыаҕыттан бүтүор диэри
сэриигэ сылдьар. Сэриигэ Белорусскай фронт офицера, лейтенант
званиелааҕа, 364 дивизия стрелковай полкатыгар взвод хамандыыра этэ.
Сэриини 1945 сыллаахха Берлиннэ түмүктээбитэ. Сэрии саҕаланыаҕыттан
бүтүор дылы дневник суруйбута биллэр. «Кыһыл сулус» уордьаннаах,
«Германияны ылыы иһин»,«1941 -1945 сылларга килбиэннээх үлэтин иһин»
диэн мэтээллэринэн, Верховнай Сэбиэт Бочуотунай грамотатынан
наҕараадалламмыта.
1929 сыллаахха «Абраам аҕабыыт албына» пьесатынан
ороспүүбүлүкэтээҕи куонкуруска 2-с миэстэни ылбыта. Ол кэнниттэн сотору
буолаат «Биһиги кыайдыбыт» иккис пьесатын суруйар. «Кыым» уонна «Эдэр
бассабыык» хаһыаттарга актыыбынайдык кэрэспэдьиэннээн грамотанан
уонна кинигэнэн бириэмийэлэнэр.
Николай Дмитриевич элбэх суруйуулардаах драматург. «Селькор Сэмэн»,
«Кыайдыбыт», «Чаранна», «Борис Бахсыытап», «Патриоттар», «Холкуостаах
крумкач», «Алмаастаах тайҕаҕа», «Айталина» «Өстоох арҕаҕар», «Үс
чонөчөк», «Амырыын ыалдьыттар», «Син көмүскээтэҕэ дии», «Мин
кырдьаҕаспын», «Тыалынан киирбит холоругунан тахсар» диэн биир
оонньуулаах пьесалары суруйбута. «Барыта Танара томторуттан» диэн
комедиялаах. Кини айымньылара түмүллэн «Патриоттар», «Алмаастаах
тайҕаҕа», «Чаранна» диэн туспа кинигэнэн тахсыбыттара. Өлүөн аҕайиннинэ
доҕорунуун Иоаким Избековтыын «Иирбит Ньукуус» диэн драманы
суруйбута. Николай Туобулаахап араас сылларга суруйбут хоһооннорун
туспа кинигэ оҥорторор баҕа санаалааҕа. Ол иһин хоһооннорун машинкаҕа
охсон бэлэмнээбитэ. Кини хоһоонноругар композитор Марк Жирков,
мелодистар Христофор Максимов, Виктор Никоноров уо.д.а. ырыа
суруйбуттара. Олортон дьон-сэргэ ортотугар киэнник биллэр, ылланар ырыаларынан «Диибин, доҕор», «Елка ырыата», «Доҕорбор», «Куоттарыы»,
«Ахтабын» буолаллар. Сэрии толоонугар сылдьан суруйбут хоһоонноро
ордук иэйиилээхтэр, хомоҕой тыллахтар. Торообүт дойдутун, дьонунсэргэтин, оҕо сааһын сырдык кэмнэрин ахтара- саныыра хоһоонноругар
костер. Артыыс, драматург Николай Дмитриевич Слепцов- Туобулаахап
баара-суоҕа 52 сааһыгар олбутэ.
Айымньылара
Селькор Сэмэн : пьеса. — Дьокуускай : Кинигэ изд-вота, 1939 . — 67 с.
Патриоттар : пьесалар. — Дьокуускай : Кинигэ изд-вота, 1952. — 52 с.
Алмаастаах тайҕаҕа. — Дьокуускай : Кинигэ изд-вота, 1962. — 136 с.
Чараҥҥа. — Дьокуускай : Кинигэ изд-вота, 1972. — 180 с.
Герой ; Кыыс ырыата ; Табыллыбатах сырыы ; Синиэл : хоһооннор // Чаран :
«Саха сирэ» хаһыат сыһыарыыта. — 2002. — Сэтинньи 23 к. — С. 12.
Н. Д. Туобулаахап дневнигиттэн // Хотугу сулус. — 1985. — № 5. — С. 60-65.
«Көрбүппүн туоһулаан кэпсииргэ соруннум» дневниктэн // Чолбон. — 2004.
№ 5 .- С . 5-24.
Туобулаахап Николай фроннааҕы дневнигиттэн // Чолбон. — 2010. — № 5.
Селькор Сэмэн (пьесаттан быһа тардыы)
Үһүс оонньуу
Бэһис хартыына
Сайынны түүн. Халлаан сырдаан эрэр, 1 хартыына декорацията. Вася
лаампанан сурук суруйа олорор.
Вася. Санаас, хайа хайдаҕый?
Дуня. Бэрт бэрикитэ суох…
Вася. Аттыгар ким хаалла?
Дуня. Таня уонна комсомолецтар бааллар… эн тугу суруйдун?
Вася. Убайым ыстатыйа суруйарга үөрэппитэ… Ол иһин суруйа сатыы
олоробун.
Дуня. Туох туһунан.
Вася (Ааҕар). «Остоохтор, убайбын ыттылар, олору…»
Дуня. Тоҕо эн ыстатыйаҕын эрдэ суруйдун?
Вася. Оттон, мин мин да сана суруйаары эрэ гынан эрэбин, бүтэрэ иликпин
ээ, сотору, кэнники ситэриэм ээ.
Дуня (Уолун кууһар). Вася, быһыыта, биһиги эрэ хаалыыһыбыт. Бээһээ киэһэ
дьол туһунан кэпсэппиппит, онуоха кини сүрдээхтик үорбүтэ…оттон,
билигин түҥ-тан тыллаһар, ситэ-хото ойдонон кэлэ охсубат…
Вася. Санаас, ытаама. Санаарҕаама даҕаны, мин убайым өлүө суоҕа. Кини…
(Уйадыйар).
Дуня. «Өлүө суоҕа», — өлбөт киһи бүтүн биир түүнү мэлдьи түҥ-тан
тыллаһыа дуо?… Григорий Кирилэни ыппыта буолуо диир.
Вася. Саҥаас, аргыый, истээриий. Кор эрэ, бэҕэһээ убайым атын миигинэн
үүрдэрэн, аллара «Турантан» таһаартарбыта.Дуня. Хайалар?
Вася. Күтүөтү кэпсиибин ээ. Уонна, билэҕиэн, бэҕэһээ киэһэ кини бүрүүкэтэ
сытыйбыт этэ.
Дуня. Ол сытыйбыта маннайгы сырыытыгар дуо?
Вася. Ээх. Били мин аптечка киллэрэрбэр. Дөксө уонна почтальонтан икки
суругу ылан баран чүөмпэ үрдүгэр умаппыта… Итини убайбар эмиэ эппитим
ээ.
Дуня. Ол ханнык эрэ суруктары уматта буолла? Кинини Кирилэни буллара
ыытаары гынан эрэллэр… Нассовеппыт күн баччатыгар диэри кими да ыыта
илик. «Сырдыкка эккирэтиллиэ» дииллэр.
Вася. Кирилэ ыппыт буоллаҕына, ырааттаҕа… Санаас, дьэ дьэгдьий!
Сөрүүкээ!..
Дуня. Комсомолецтары түмэн сүбэлэһиэххэ наада. Дьэ, мин киириим дуу. Эн
манна олор. Утуйума дуу. (Киирэр).
Вася. Утуйуом суоҕа, санаас… (Кумааҕытын хомуйар) Дьэ, аны тугу
гынабыт?…
Таня (Хостон тахсар). Вася манна эбиккин дии, Гришаны көрдүн дуо?
Вася. Суох, ханна барда?
Таня. Илик. Бараары сылдьар, ол иһин көрдүү сылдьабын.
Вася. Тоҕо?
Таня. Барарыгар таҥаһын уларытыа этэ.
Вася. Чахчы барар буолла дуо?
Таня. Барар…
Вася. Эдьиэй, кинини ыытыма…
Таня. Иирдин дуу, нохоо! Санаскар дылы кини барарын утардаххыный…
Убайгын ыппыт киһини булуон баҕарбаккын дуо?
Вася. Кини сири билбэт, булуо суоҕа…
Таня. Акаарытык санарба. (Барар).
Вася. Куһаҕан да эдьиий буоллаҕын эбээт. (Дьааһыйар). Утуйбакка уум
кэлэн сордоотоҕо уһү. Бэйэ эрэ, хаалтыһым ханнаный? (Кохоттон булан
баанар). Буот … Мин адьас утуйуо суох тустаахпын… (Тыас иһиллэр. Вася
ааны өҥөйөн корон баран, утуйбута буолар (Таһыттан Григорий, Яков
киирэллэр).
Григорий. Биһиги колхозпутугар итинник, хобулугар тимирдээх
саппыкылаах киһи бэрэбиэркэҕэ көстубэтэ. Онон Кирилэ саппыкытын суола
буолуон соп. (Васяны сотору- сотору корбохтуур). Лиза да кыыс инньэ диир.
Туора сиртэн ким кэлиэ буоллаҕай. Кирилэҕит сүппүтүн күрдүк сүппүт,
дьиэтигэр эргиллэ илик үһү. Нассовет сибилигин миигин корсон «сири-уоту
билбэккинэн тохтотоору гынабын» диэтэ. Ону эн олохтоон кэпсээр. Мин
танаспын уларыта бардым.
Яков. Эн даҕаны балай эрэ билбэхтиир инигин. Уонна биһиэхэ эн курдук
мындыр киһибит даҕаны суох. Барыта эдэр уолаттар — комсомолецтар тугу
сатыахтарай?
Григорий. Мин түөкүттэри суоллуурум саҕана киһини куоттарбат буоларым.
Ону баара комсомолецтар туормастаһаллар…
Таня (Таһыттан киирэр). Түргэнник бара охсуох.
Григорий. Киирдим, киирдим. (Таняны уҥа дьиэҕэ атаарар). Доҕоор, миигин
итэҕэй. Мин милициялаан сылдьыбыт ахан киһибин, онон ирдиир чааһыгар
үөрүйэхтээх ахан киһибин…. Совет итэҕэйбэт буоллаҕына элбэх киһини ыыттын…Түүннэри түспүт буоллаҕына ыраагтаҕа.. .Түргэнник бара охсуохха
наада…
Яков. Сөпкө этэҕин. Мин кэпсэтэри баҕас кэпсэтэр киһибин. (Григорий
хоско киирэр). Бу уол манна охтон хаалбыт дии… Нохоо, нохоо! Тоҕо
таҥастыын утуйдуҥ, сыгынньахтанан, ороҥнун оностон киһилии утуй.
Вася. (Дьааһыйбыта буолар). Кырдьык, танастыын утуйбуппун дии… Хайа
убайбар сырыттын дуо? Хайдаҕый?
Яков. Сылдьан, сылдьан, үтүөрэн эрэр. Чэ, эн утуй.
Вася. Убайым кэпсэтэр буолла дуо?
Яков. Буолан, буолан…
Вася. Ким ыппыта буолуо диирий?…
Яков. Кирилэ буолумуна, ким буолуой, чэ. Эн утуй.
Вася. Тоҕо утута сатаатыҥ?
Яков. Инньэ диэн танастыын утуйуон этэ дуо? Уонна пионергын ээ.
Хаалтыстаах, уонна улахан киһини кытта тэҥҥэ тыл аахсар. Эйигин да кытта
тыл аахсан диэн…
Вася. Пионеры сиргэ тэпсэр туох киһигиний?
Яков. Эйигин этэбин, эн пионер аатын киртитэҕин.
Вася. Туохпунан?
Яков. Улахан киһини кытта тыл аахсаргынан.
Вася. Улахаммын эрэ диэннин саҥардымаары гынаҕын дуо?
Яков. Хайа ыпсыылаах-дьайҕалаах киһиэхэ дылы тыл аахса турарым
буолуой… Нассовет тоҕо кэлбэт киһиний?
Вася. Уҥа дьиэҕэ буолуо.
Яков. Эйигиттэн ыйытыллыбат. Бэл билиҥҥэттэн киһини тыыннарбат оҕо,
эгэ улааттаҕына хайдах буолуой? Сиртэн сэрбэйбэккэ сылдьан улахан
киһини кытта тэҥҥэ тыл аахсар. (Уна дьиэҕэ киирэр. Вася одуулаан хаалар).