Егор Афанасьевич Борисов
Егор Афанасьевич үлэтин суолун кэрчигэ — бу үүнэр көлүөнэҕэ ытыктабыллаах киһи, бэлиитик уонна патриот холобура буолар. Кини төрөөбүт Чурапчы улууһугар механиктан саҕалаан Саха сирин Ил Дарханыгар тиийэ үүнэригэр олоҕор улахан суолу ааспыта. Кини араас кэмҥэ Саха сирин судаарыстыбаннай салалтатын тиһигэр араас үрдүк дуоһунастарга үлэлээбитэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтин туһунан барытын чопчу билэр киһи, кини хас биирдии үлэтин миэстэтигэр Саха сирин олохтоохторугар туох баар бары күүһүн-уоҕун уурбута. 2010 сыллаахха Егор Афанасьевич Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бэрэсидьиэнин дуоһунаһыгар бигэргэтиллэн, аҕыс сыл устата өрөспүүбүлүкэни ситиһиилэхтик салайбыта. Бүгүн кини Федерация Сэбиэтигэр дойдуга өрөспүүбүлүкэ интэриэстэрин көмүскээн, Саха сирин уонна Бүтүн Арассыыйа тускулугар үлэлии-хамсыы сылдьар.
https://rutube.ru/video/private/a24181ccd1646195c27c7a1d676e8221/?p=L62Qs1OGeV4SOQxE66V2xw