«Бастакы бэрисидьиэн Дьиктилээх хонуулара»
аралдьытыы Бастакы президеммит М.Е.Николаев төрөөбүт күнүгэр аналлаах декада иитинэн алын сүһүөхтэргэ ыытылынна. Бүгүҥҥү тэрээһин сүрүн сыалынан Михаил Ефимович Николаев туһунан бастакы өйдөбүллэри иҥэрии, кэпсээһин буолар. Маннык оонньуу нөҥүө оҕо информацияны ылыыта, иҥэриниитэ көдьүүстээҕинэн Дьиктилээх хонуу оонньууга 8 оҕо илин-кэлин түһүстүлэр. Бастакы эргиир кыайыылааҕынан 4 кылаас үөрэнээччитэ Алеся Федорова, 2 эргиир кыайыылааҕа Кристина Алексеева, 3 эргииргэ утарылаһааччыта банкроттаан Ева Бабиченко быһаччы кыайыылааҕынан тахсан күөн көрүстүлэр. Күөн көрсүһүүгэ, 4 кылаас үөрэнээччитэ Ева Бабиченко кыайыылааҕынан тахсан «Кытаанах нэһилиэгэ» тыа сирин түөлбэтин бирииһин тутта. Экспердеринэн оскуола бибилэтиэкэрэ Галина Михайловна Аммосова, алын кылаас учуутала Ангисия Николаевна Дьяконова үлэлээтилэр.
Салҕыы Михаил Ефимович туһунан тэттик информациялары ааҕан тускутугар туһаныҥ:
Бастакы Бэрэсидьиэммит Михаил Николаев аатын үйэтитиигэ Ил Дархан Айсен Николаев 2023 с. сэтинньи 13 күнүгэр Ыйаах таһаарбыта:
«Бэс Чагда» санаторийга Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев аата иҥэриллибитэ. Дьокуускайга кини аатынан проспект баар буолбута, СӨ судаарыстыбаннай наҕараадата — «Өрөспүүбүлүкэ албан аатыгар уонна туһатыгар» Бочуоттаах бэлиэ олохтоммута. Михаил Ефимович 2002 сыллаахха олохтообут «Билиигинэн кыайыаҥ» истипиэндьийэ судаарыстыбаннай статустаммыта. «Азия оҕолоро» Норуоттар икки ардыларынааҕы оонньуулар кэмитиэттэрин «Аан дойдуга оҕо успуордун сайыннарыыга ураты кылаатын иһин» уордьан олохтоммута. Балаҕан ыйын 27 күнүгэр Судаарыстыбаннас күнүгэр, Михаил Ефимович Николаев төрөөбүт сиригэр, Хаҥалас улууһугар Покровскайга СӨ бастакы Бэрэсидьиэнин пааматынньыга арыллыбыта. Режиссер Никита Аржаков устубут «Бэрэсидьиэн суола» диэн киинэтэ үгүс дьон сэҥээриитин ылла.Өктөмҥө, көмүс уҥуоҕа харалла сытар сиригэр, мемориальнай киини тутууга үлэ бара турар