Муниципальное казенное учреждение культуры

Кытанахская модельная библиотека

678675, РС(Якутия), Чурапчинский улус, с. Килэнки, ул. Дорожная, 4

Улуустааҕы ыччат десана

Чурапчы улууһун Ыччатын общественнай түмсүүтүн сэбиэтэ Кытаанах нэһилиэгэр, сэтинньи 14 күнүгэр, үс хоту нэһилиэктэри түмэн, биир сиргэ мунньан нэһилиэктэргэ ыччат туох кыһалҕалаах олорорун, ыччат баар сиригэр ыччат түмсүөхтээх, түмсүүлээх буолуохтааҕар сүбэ-ама биэрэр сыалтан ыалдьыттаан аастылар. Чурапчы улууһун эдэр ыччатын исписэлииһэ Алгыстаана Федорова, «Движение первых» салайааччыта Тимур Смирников, «Эрэл» эдэр учууталлар хамсааһыннарын салайааччылара Саина Дьулустановна, Антон Сидорович Фомин, улуустааҕы волонтердар хамсааһыннарын салайааччыта Ева Илларионова, Е.А.Борисов архыып-библиотекатыттан Вероника Егоровна Маркова уонна Чурапчытааҕы ЧГИФКиИС устудьуоннара бэрт сэргэхтик тэринэн кэлэн олус интэриэһинэй дьаһалы ыыттылар, ол курдук олус бэһиэлэй станцияларынан оонньуулар, проблемалары быһаарар бырайыак оҥоруутугар мозговой штурм, концертнай программа, санаа үллэстиитэ, гитаранан ырыа-тойук, оһуохай. Быһата, бэртээхэй дьаһал буолан ааста. Ыалдьыттарбыт Дыгын саҕаттан үөскээн-тэнийэн олорбут ытык сирбитигэр кэлбиттэриттэн, Улуу Куоркуммут, Даламмыт, Сабааккыммыт, бастыҥтан бастыҥ спортсменнарбыт Алексей Ермолаев, Николай Местников, Афанасий Захаров. Егор Пономарев, Саина Седалищева уо.д.а., кыраайы үөрэтэр бичийэр дьоммутун Е.П., Е.И., Кеша, Дима Скрябиннары истэн олус үөрэн, дуоһуйан, бастакыттан бастакы, бастыҥ дьоммутун истэн-сөҕөн чахчы да Ытык сиргэ олороргут айылҕаҕыт кыраһыабайыттан көстөр диэн, ол да иһин чулууттан чулуулар дойдулара диэн астынан бардылар. Бу иннинэ Хадаарга, Мугудайга сылдьыбыттар, инникитин Мындаҕаайыга, Чурапчы нэһилиэгэр сылдьар былааннаахтар. Кытаанах нэһилиэгин ыччаттарыгар түмсүүтэ тэриниҥ, түмсүҥ диэн сүбэлээтилэр. Арыылаах, Сылаҥ ыччаттара үчүгэйдик тэринэн кэлбиттэр. Бэртээхэй саҕалааһын-бэртээхэй тэрээһин. Олус эйэҕэс-сайаҕас , кэпсэтинньэҥ, элэккэй ыччаттар кэлэн Чурапчы, Таатта, Арыылаах нэһилиэктэриттэн кэлбит ыччаттар, соторутааҕыта тахсыбыт Боотуруускай улууһа Хатылы 2:с чааһыттан аймахтарын, сыдьааннарын, төрүттэрин булан, үөрэн-көтөн бардылар. Эдэр дьоҥҥо ситиһиини, табыллыыны, улуускут ыччатын түмүҥ, кэҥээн, сайдан иһиҥ.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *