СӨ бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев Саха АССР Орджоникидзевскай оройуонун (Хаҥалас улууһа) Өктөм нэһилиэгэр 1937 с. сэтинньи 13 күнүгэр төрөөбүтэ.
Михаил Ефимович 1961 с. Омскайдааҕы судаарыстыбаннай бэтэринээринэй институту бүтэрэн, Эдьигээҥҥэ бэтэринээр бырааһынан үлэтин саҕалаабыта. Онтон Ыччат Бүтүн Сойуустааҕы Ленинскэй Коммунистическай Сойууһун улуустааҕы кэмитиэтин сэкирэтээринэн анаммыта. Салгыы Дьокуускайга комсомол кэмитиэтин бастакы сэкирэтээринэн, Миниистирдэр Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлин солбуйааччынан, тыа хаһаайыстыбатын миниистиринэн таһаарыылаахтык үлэлээбитэ.
1989 с. САССР Үрдүкү Сэбиэтин президиумун бэрэссэдээтэлинэн, онтон Үрдүкү Сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн ананар.
1991 с. М.Е.Николаев бастакы бэрэсидьиэнинэн талыллан 2002 сылга диэри өрөспүүбүлүкэбит сайдыытыгар бары билиитин, киэҥ көрүүтүн ууран үлэлиир.
2002-2010 сс. Арассыыйа Федерациятын Федеральнай Мунньаҕын Федерация Сүбэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччынан үлэлээбитэ.
2011-2016 сс. РФ Судаарыстыбаннай Дууматын VI ыҥырыытын дьокутаата. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай сүбэһитэ. Бастакы Бэрэсидьиэммит Михаил Николаев аатын үйэтитиигэ Ил Дархан Айсен Николаев 2023 с. сэтинньи 13 күнүгэр Ыйаах таһаарбыта.
Айсен Николаев: «Михаил Николаев личность быһыытынан киэҥ хабааннаах. Бастакы Бэрэсидьиэн Саха сирин уонна Арассыыйа Федерациятын судаарыстыбаннаһын уонна социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын конституционнай төрүтүн үөскэтиигэ кылаата муҥура суох. Бу ыйаах кини нэһилиэстибэтин кэлэр көлүөнэлэргэ харыстааһыҥҥа төһүү буолуоҕа», — диэн Ыйаахха илии баттыырыгар этэн турар.
Михаил Ефимович Николаев ааатын үйэтитиигэ ыытыллыбыт үлэлэртэн:
— Бу күһүн Покровскайга СӨ бастакы Бэрэсидьиэнигэр пааматынньык туруорбуттара.
— «Бэс Чагда» санаторийга Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев аата иҥэриллибитэ.
— Өрөспүүбүлүкэбит баһылыга Айсен Николаев сорудаҕынан, былырыын, сыл бүтэһигэр Дьокуускайга Автодорожнай уулуссаҕа бастакы Бэрэсидьиэммит аата иҥэриллибитэ. Салгыы Михаил Ефимович аатынан проспект оройуонун салгыы күүскэ сайыннарар сорук турар.
— Өрөспүүбүлүкэ албан аатын аатырдан, дойдуларыгар туһаны оҥорбут дьоҥҥо Михаил Николаев аатынан Бочуоттаах бэлиэ олохтонно.
— «Билиигинэн кыайыаҥ!» диэн истипиэндьийэ олохтонно. — Режиссер Никита Аржаков устубут «Бэрэсидьиэн суола» диэн киинэтэ үгүс дьон сэҥээриитин ылла.
— Өктөмҥө, көмүс уҥуоҕа харалла сытар сиригэр, мемориальнай киини тутууга үлэ бара турар.
Мантан да атын үгүс дьаһаллар ылылланнар Михаил Николаев аатын үйэтитиигэ элбэх үлэ барар.
Михаил Ефимович Саха Өрөспүүбүлүкэтин сайдыытыгар сүҥкэн оруоллаах, саҥа суолга үктэниибитигэр бигэ тирэх буолбут сүдү киһи.
Яина ВЛАСЬЕВА бэлэмнээтэ
https://rutube.ru/video/92172bd1adb7acadd350a0dec9b7d3d3/?r=a
Бүгүн уһуйаан оҕолоругар, бастакы бэрисидьиэммит М.Е.Николаев төрөөбүт күнүн баттаһа тэттик интерактивнай бэсиэдэ буолла. Оҕолор кырачааннарбыт диэбэккэ иҥнибэккэ-толлубакка эппиэттииллэр, «Орто дойду» кыылларын билэллэрэ сөхтөрдө, олус интэриэһиргээн истэллэр. Кырачааннар элбэх билиилээх, дьоһун дьон буола улааттыннар.