Сэтинньи ый саха сүгүрүйэр ыйа
Сэтинньи ый — Баай Байанай ыйа.
Сахалар биир саамай ытыктыыр, сүгүрүйэр ыйбыт.
Сэтинньи ый алгыһa
һук, һук,һук! Дьолуону тосхойооччу, өлгөмү биэрээччи, хара тыа хаһаайына, тумул тыа тойоно, кыһыл саһыл кымньыылаах, ой буур оонньуулаах, көй боллох сэксэ олохтоох, сөҥ сөгөлөөн тусаһалаах, эһээ диэтэххэ, эһээ диэччи, бардам тутуу, барылы кэскил, Барылаах Баай Байанай Тойон эһэм, бэттэх көрөн мичик гын, дом!
Суолтата
Сэтинньи ый аһа элбэҕинэн уратыланар. Кыһын кэлиитэ идэһэлэнэллэр, муҥхалыыллар, тайахтыыллар, мас көтөрдууллэр. Бу ас-үөл элбэх кэмигэр элбэхтик уруулар буолаллар, малааһыннар тэриллэллэр.
Байанай ыйын бэлиэлэрэ
Таҥарата — Байанай. Ойуута — ох. Суолтата — сатабыл. Тыла — һук. Сулуһа — Кэһэх Сулус. Бухатыыра — Тамаллаайы. Бэргэн Куота — Нуоральдьын Куо. Мала — хойгуо. Тыаһа — хобо. Үүнээйитэ — долохоно. Көтөрө — улар. Кыыла — киис. Аһа — хаан.
Күнэ-дьыла
Сэтинньи – кыһыҥҥы ый. Сэтинньигэ кыһын хайдах буолуон, саас хойутуон дуу, эрдэлиэн дуу быһаараллар. Сэтинньи тибиитэ элбээтэҕинэ ус буолар, оччоҕо саас тоҕус тибин түһэр. Бу түбэлтэҕэ өҥ дьылы күүтэллэр.
Сэтинньи ыйы ыам ыйа батыһар. Ый алтыыта 15 күҥҥэ буолар.
Туомнара
Байанайы олордуу. Байанай олоруоҕуттан Айыы дьиэтэ булчуттарга, булугас-талыгас, сатабыллаах дьоҥҥо алгыс этэр кыахтанар. Туом сэтинньи 2-3 күнүгэр оҥоһуллар.
Уруу тардыыта. Үөскүөхтээх ыаллар тускулларын оҥорор алгыс уруу тардыыта дэнэр. Туом сэтинньи 7 күнүгэр оҥоһуллар.
Сайдамҥа киллэрии. 12 сааһын туолбат оҕолорго аналлаах туом. Туом сэтинньи 12 күнүгэр оҥоһуллар.
Суорумньу домо. Суорумньунан дьарыктанар дьоҥҥо алгыс. Бу күн кэргэнэ суох отут саастаах дьоҥҥо эмиэ алгыс оҥоһуллуон сөп. Туом ый 17 күнүгэр ыытыллар.
Күөсчүт алгыһа. Аска алгыһы биэрэр туом ый 20 күнүгэр оҥоһуллар.
Ааттара
1,2 – Байанай, Уйгуун
3,4 – Барылан, Айталыына
5,6 – Байдам, Барахсаана
7,8 – Дэлэгэй, Далбаара
9,10 – Саргын, Хаачылаана
11,12 – Сулустаан, Харыстаана
13,14 – Талбан, Тускулаана
15,16 – Уххан, Сахаайа
17,18 – Добун, Нарыйа
19,20 – Дабыл, Байаана
21,22 – Айтал, Мичийэ
23,24 – Байан, Айыына
25,26 – Дархан, Ньургустаана
27,28 – Кэрэмэн, Санаайа
29,30 – Айаал, Күбэйэ
Байанай ыйа быйаҥы тосхойдун!