Бэйэ киэнэ быдан ордук буоллаҕа
«Ынах үүтэ – тылыгар» диэн мээнэҕэ эппэттэр. Үүтү туттарар тэриллиилээх хаһаайыстыбалар күөххэ үктэнэн, сорохторо сайылыктарыгар тахсаннар, слорох дэриэбинэҕэ да олорон үрүҥ илгэни үрүлүтэ сүүрдэллэр. Онон Кытаанахтааҕы үүтү тутар сыахха 15 ИП үүтүн, күҥҥэ ортотун 1144 тонна, онтон сайылыктарыгар тэҥинэн туттарыы буоллаҕынан 1400 туонна үрһҥ илгэни туттаран олороллор эбит. Билигин эргэ да буоллар хаачыстыбалаах ас-үөл бородууксуйатын оҥорон таһаарарга аналлаах ирдэнэр ыстандаарка барытыгар эппиэттиир оборудование үчүгэй көрүү-истии, харайыы түмүгэр, күн бүгүн үлэлии турар. “Бородууксуйа куттала суох буолуута уонна хаачыстыбата бастакы сорукпут буолар” – диэн Кытаанахтааҕы үүт-арыы сыаҕын маастара Анна Давыдовна Боякинова үөрэ-көтө, кэпсии тоһуйда. Собуокка кэлбит, туттарбыт үүттэрин хаачыстыбатын анаалыстаан көрөн баран чинчийии барыта оҥоһуллубутун эрэ кэнниттэн астыыллар эбит. Манна эппиэтинэстээх, уонна күннээҕи бэрэбиэркэни лаборант Анна Васильевна Винокурова ыытар. Бу үүттэри киллэрэр, таһаарар, күннээҕи “чэпчэкитэ суох” үлэни рабочай Сергей Боякинов үтшө суобастаахтык толорбута номнуо ыраатта.
Бэйэбит собуоттаах буоламмыт, сүөгэйи, күөрчэх үүтүн, арыыны үрдүттэн ыла олорорбут туһааннаахтарга олус наадалаах, туһалаах. Этэргэ дылы бэйэ киэнэ быдан ордук буоллаҕа…
Онон, бу түгэнинэн туһанан, үлэлэригэр бэриниилээх Анна Давыдовна маастардаах Кытаанахтааҕы үүтү астыыр-үөллүүр собуоппут үлэһиттэригэр махтанабыт, тахсыылаах үлэги, элбэх туттарааччыны, туттараааччыларга дэлэй быйаҥнаах сайыны баҕарабыт.