Кэрэ буолан төрөөбүт буруйугар
Дьиҥ олоххо буолбут ыраах-чугас аймах дьонум мээнэ кэпсэммэт дьылҕаларын арыый уларытан сурукка тистим. Төһөтүн да иһин, бу сиргэ төрөөн-үөскээн, дьол амтанын билэн, олох ньулуунун амсайан, дьон сиэрин быһыытынан дьылҕалара бу сиргэ сурулаан аастаҕа. Ааттара уларыйда.
Кэрэ буолан төрөөбүт буруйугар
Ааспыт үйэ 80-с сыллара. Инга кыыһы харахтаах эрэ барыта хайҕыы көрөр номоҕон ньуурдаах, икки киис кыыл кэккэлэһэ сыталларын курдук хойуу хаастаах, чоҕулуччу көрбүт хара харахтаах, долгуйар уһун суһуохтаах, быһыылыын-таһаалыын нарын-намчы. Оччотооҕу тыа уолаттара киниэхэ анаан сурук бөҕө тиксэрэн, тапталга билинэллэр эбит даҕаны кыыс хайаларын даҕаны чугаһаппатах.
Инга оскуоланы бүтэрээт, ыаллыы турар нэһилиэк пиэрмэтигэр ыанньыксытынан үлэлии тиийэр уонна анаммыт дьиэҕэ кыргыттары кытта олохсуйар. Дьэ манна эдэр саас эриэккэс кэмэ саҕаланар. Киэһэлик үлэлэрин бүтэрэн баран, күөгэйэр күннэригэр сылдьар ыччаттар дэриэбинэ кулуубугар таансыга тиийэллэр. Манна үҥкүү бириэмэтигэр Инганы уол аймах сөбүлүү көрөн, үҥкүүгэ ыҥыран ахан биэрэллэр. Ол эрээри кини сэмэй майгылаах буолан, биирдэ-иккитэ үҥкүүлээн баран тохтуур.
Биир киэһэ биэчэр кэнниттэн кыргыттар дьиэлээн истэхтэринэ, дэриэбинэҕэ биллэр сытыы-хотуу Владик уол сүүрэн кэлэр уонна Инга аттыттан арахпакка батыһар.
– Инга, баһаалыста, тохтуу түһэн миигин кытта кэпсэппэккин дуо?
Кыыс, уолтан арыгы сыта аҥылыйбытын билэн, туора тутта, тэйэ сатыыр. Кыргыттар ити бэдиги үүрэ сатыыллар даҕаны адьас мүөккэ ыҥырыа сыстаҥныырын курдук, уол арахпакка моһуоктуур. Онтон эмискэ Инганы суолун бүөлүү турунан кээһэр уонна кууһаары гыммыттыы туттубутугар кыыс часкыйа биэрэр. Бу часкыыры иһиттиэм-истибэтиэм диэбиттии, хантан даҕаны кэлбиттэрэ биллибэт икки уол баар буола түһэллэр.
– Доо, Былаадьык, кыыһы тоҕо моһуоктуугунуй? Арах, сүгүннээ!
Нэһилиэккэ бастыҥ хомсомуолунан аатырбыт, дьоһун көрүҥнээх Герман диэн уол Инганы сүгүн хаамтарбатах киһини буойар.
– Эн дьыалаҥ буолбатах! Тойомсуйбута буолума миэхэ! — Былаадьык уордайан, кинини тохтотордуу туруммут уолга ынан кэлэр уонна саҕатыттан харбыыр. Анарааҥҥыта холуочуйан атаҕар уйуттубат буолбут Германы кыратык илиитинэн анньыбытыгар сууллан түһэр уонна хаһан кини орҕостон туруор диэри дьоно ыраата охсоллор… ити итинэн хаалар. Көмүскэспит уол табаарыһыныын Ингалааҕы дьиэлэригэр атаараллар. Ол хаамсан иһэн үгүһү-элбэҕи тапсан сэлэспиттэрин бэйэлэрэ даҕаны билбэккэ хаалаллар.
Дьэ, бу кэнниттэн Герман Инганы дьиэтигэр диэри атаарара үгэскэ кубулуйар. Уоллаах кыыс сотору кэминэн бэйэ-бэйэлэрин харахтыын хайҕаһан, сүрэхтиин сөбүлэһэн таптал иэйиитигэр ыллараллар. Сыл аҥаара курдук билсэн баран холбоһоллор. Уол нэһилиэк биир чулуу ыччата, актыбыыс, үчүгэй тэрилтэ тутаах үлэһитэ буоларын быһыытынан эдэр ыалга туспа дьиэ аныыллар. Эдэр ыал бур-бур буруо таһаарынан, эйэлээхтик, бэйэ-бэйэлэрин таптаһан, өйөһөн-убаһан өссө биир сыл этэҥҥэ олороллор уонна уол оҕолоноллор. Дьол ырыата ылланан, олохторун халлааныгар күн тыгар.
Ол эрээри ити үтүө дьыл уһаабатаҕа, эмискэ этиҥ эппитинии, ыарахан кэм ааҥнаан кэлэр… Биир күн Инга тапталлаах Германын дьиэтигэр кэлэрин олус өр көһүтэр, күһүҥҥү ыас хараҥаҕа тахсан суолу маныыр даҕаны туох даҕаны көстүбэт. Арай, ханна эрэ эр дьон кыыһырсар саҥаларын истэн, дьиэтигэр киирэн хатанан кэбиһэр уонна иккилээх уолчаанын кууһа сытан утуйан хаалар… Сарсыныгар Германы аара суолга быһахтанан өлө сытарын булаллар.
Инга, бачча эдэриттэн аҥаардас ийэ буолан хаалан, олоҕун эркинин сүтэрэн, ол аһыытыттан хараҕа дьөспөччү иһиэр диэри хас эмэ күн маккыраччы ытыыр-соҥуур, аһыаҕын ас киирбэт, биллэ ырар-дьүдьэйэр. Улахан курутуйууга ылларбыт киһи оҕотун туппутунан, дьонугар тиийэн олохсуйарга сананар… сыл аҥаара ааспытын кэнниттэн, ийэлээх аҕатыгар үлэтэ суох айах адаҕата буолан олорбот туһуттан кэргэниниин таптал уйата оҥостубут дьиэтигэр төннөр.
Дьэ, бу манна өссө биир олох ыарахан тургутуга саҕаланар. Аҥаардас хаалбыт кэрэ, эдэр дьахтарга ымсыырааччылар сүгүннээбэттэр. Биир кыһыҥҥы күн Инга уолун оҕо уһуйааныттан ылан, салаасканан соһон истэҕинэ, били, хаһан эрэ киниэхэ биэчэртэн кэлэн истэҕинэ сыстаҥныы сатаабыт уол Былаадьык түбэһэ көрөн батыһар. Бастаан олоҕун-дьаһаҕын, сонунун сураспыта буола-буола дьиэтин ааныгар диэри эккирэтэн кэлэр. Эдэр дьахтар халлааны хаххалаан турар улахан киһини кыайан үүрбэккэ моһуогурар. Эр киһи дьиэ таһырдьааҥҥы эркинигэр Инганы икки илиитинэн хаайан, кэтит саннытынан бүөлээн, дьиибэлии турарын нэһилиэк хонтуоратын исписэлииһэ Виктор Данилович түбэһэ көрөн үүрэр. Кыыс дьахтар дьэ «һуу» диэн кутталыттан салыбыраан хаалбыт илиитинэн дьиэтин күлүүһүн арыйаары булумахтанар уонна күлүүһүн сиргэ түһэрэн кээһэр. Онуоха өрүһүлтэ буолбут эр киһи көмөлөһөн хатаммыты арыйан биэрэр.
– Оо, дьиэҥ олус сойбут эбит дии, мас киллэрэн оһоххун оттон биэриэххэ наада буолбут, — Виктор Данилович дьиэни өҥөйөөт саҥа аллайар уонна сүр түргэнник мас хайыта охсон оһох оттон биэрэр.
Бачча абыраабыт киһини таах ыытан кээһимээри, махталын биллэрэн Инга остуолга чэй тардан ыҥырар. Хата, киһитэ олус сэргэх, кэпсээннээх-ипсээннээх буолан биэрэр, бэл, үгүһү-элбэҕи сэһэргэһэ олорон бириэмэ ырааппытын билбэккэ хаалаллар.
Бу кэнниттэн Виктор Данилович аҥаардас ийэни бастаан аһына санаан, онтон кэрэ бэйэтигэр умсугуйан, сотору-сотору кэлэн мас хайытан, муус таһааран абырыыр. Инга буоллаҕына эр киһи өйөбүлүн суохтаан, майгылыын, дьүһүннүүн-бодолуун бокуонньук кэргэнигэр майгынныыр киһини бэйэтигэр чугаһатар, быһата, кэргэннээх киһиэхэ көссүү буолан хаалар… Онтон дьэ дэриэбинэни биир гына Инга туһунан куһаҕан сурах-хадьык тарҕанар. Биирдэ Виктор Данилович ойоҕо кинини аара суолга түбэһэ көрөн, киһи кыайан утары көрбөт буолуор диэри үөҕэр. Күнтэн күн ахсын дьон кынчарыйыыта, соччото суохтук сыһыаннаһыыта күүһүрэр. Бэл, хаһааҥҥыта эрэ тэҥҥэ бодоруспут дьүөгэлэрэ тиэрэ хайыспыкка дылы буолаллар.
Инга ыксаан, оҕотун илдьэ дьонугар тиийэр. Ийэтэ буоллаҕына кыыһын туһунан астыга суох сураҕы билэр буолан тыйыстык көрсөр. Кыыһырбыта бэрдиттэн батыһа сылдьан этэн-тыынан мөҕөр, элэ-была тылларын этэр. Онто да суох нэһиилэ сылдьар эдэр дьахтар истэ сатаан баран оҕотун хааллараат төттөрү тахсан барар… Таптыыр, өйүүр киһитэ аттыгар суоҕуттан хараастан, үөдүйбүт сааттан-сууттан, соччото суох быһыыттан-майгыттан хаһан даҕаны төлөрүйүө суох абатыттан түүнү быһа хараҕын уутунан суунар, уоскуппат ыар толкуйдартан быстах санааҕа ылларар… Инга барахсаны сарсыарда быаҕа моҥнон өлбүтүн Виктор Данилович булан ылар…
Марыына олоҕо
Сэбиэскэй кэм. Марыына сытыы-хотуу майгылаах, мэлдьи күлэ-үөрэ сылдьар, сэргэх, саас ортолоох дьахтар. Ыллыыр, үҥкүүлүүр, хоһоон ааҕар дьоҕурдааҕын иһин кини кулууп тэрээһиннэригэр ыҥырыылаах ыалдьыт. Ол эрээри, сэттэ оҕолоох ыал ийэтэ үөрэҕэ суох буолан хара үлэҕэ үлэлиир, дьиэтигэр сылайан тиийэн оҕолорун бүөбэйдиир уонна кэлиҥҥи кэмҥэ арыгыга охтубут кэргэнэ Миитэрэй бүппэт айдаанын истэр. Онон, хаарыан талааннаах дьахтар айар-тутар айылгытын саһыаран, бэйэтигэр бүгэн сылдьар.
Марыына эдэркээн сылдьан буспут моонньоҕон курдук тэрбэччи көрбүт арылхай харахтаах, ыас хара хаастаах, үрдүк уҥуохтаах, киһиэхэ сирдэрбэт толуу көрүҥнээх этэ. Маннык үтүө-мааны кыыһы холкуос үлэһитэ Миитэрэй уол мүччү туппатах буоллаҕа, кинини кэргэн ылбыта. Эр киһи сыл-хонук ааһан истэҕин ахсын, аһыы утахха ылларан, ол ону бобо сатыыр кэргэнин сынньар идэлэммитэ. Дьиҥинэн, эр киһи үтүөтэ, сэмэй майгылааҕа этэ эбээт. Арыгыттан хара санаа баһылаабыттыы майгыта адьас сатарыйбыта. Марыына барахсан ол онтон хомойон, тулуйарын ааһан, биэс оҕотун туппутунан, дьонугар куоппута.
Эдэр дьахтар ийэтин ааҕар олорон оскуолаҕа остуорастыы киирбитэ. Ол сылдьан эриттэн арахсан кэлбит кэрэ бэйэккэлээҕи биир Уйбаан диэн сылгыһыт уол таба көрбүтэ. Оччолорго Марыына отуччалаах, син сэнэх көстүүлээх буоллаҕа, эбиитин кэнсиэрдэргэ тахсан ыллаатаҕына, үҥкүүлээтэҕинэ дьон хараҕын сымнатара ханна барыай? Уйбаан тапталга билинэр тылларыгар ылларан, олоҕун саҥаттан оҥостуон сөптөөх киһитин булбут курдук санаммыта. Саҥа иэйии, уоттаах таптал, кэрэ киэһэлэр романтика куттаах Марыынаны абылаабыттара. Түмүгэр, дьахтар алтыһын ыарахан буолбутун билбитэ уонна Уйбааҥҥа: “Эн биһикки оҕолонор буоллубут, миигин кэргэн ылаҕын дуо?” – диэбитэ. Уол соһуйан, хайдах буолуоҕун билбэккэ саҥата суох чочумча чуумпуран турбута уонна: “Чэ, тугу эмит быһаарыахпыт”, — диэт, кэпсэтиини тохтотон кэбиспитэ. Аҕыйах хонугунан Уйбаантан Марыынаҕа сурук кэлбитэ:«Марыына, дьонум биэс оҕолоох, арахсан кэлбит дьахтары кэргэн ылыма диэтилэр, онон, бырастыы, аны көрсүбэппит». Инньэ гынан эдэр дьахтар сир уонна халлаан икки ардыгар кыһалҕатын кытта соҕотох хаалбыта.
Марыына дьонугар биэс оҕотунаан, эбиитин алтыһын ыарахан буолан, иитимньи курдук олороруттан наһаа санааргыыра. Ийэтэ, хата, кинини улаханнык мөхпөккө, син туох баарынан өйүүрэ. Ол эрээри кыараҕас дьиэҕэ олус элбэх буолан кэлэн симиллэн олоруу бэйэтэ туспа ыараханнааҕа. Кыһалҕа кыһарыйан, санаа-оноо баттабыла буолан олордохторуна, биир күн дьиэлэригэр сакалаат тутуурдаах Миитэрэй көтөн түспүтэ.
– Марыынам барахсан, эйигинэ суох олоҕум олох буолумаары гынна, эһигини барыгытын наһаа суохтаатым, баһаалыста, дьиэҕэр төнүн, мин арыгыбын быраҕыам, үчүгэйдик олоруохпут, — диэн көрдөспүтэ.
Биэс оҕотун илдьэ дьонугар айах адаҕата буолан олорор эдэр дьахтар сөбүлэһэригэр тиийбитэ. Дьэ, ол курдук Миитэрэйдээх Марыына олохторун иккис кэрдииһэ саҕаламмыта.
…Ол кэнниттэн билигин бу биэс сыл ааста. Эр киһи дьахтара атын киһиттэн ыараханын билэн, кыыһыран-тымтан урукку куһаҕан дьаллыгар төннүбүтэ. Ити эрээри, бэйэ бодотун тардынан, арыгы испэтэх күннэригэр ыал олоҕо тупсарга дылы буолан ылара… Марыына Уйбаантан кыыс оҕоломмута, Лина диэн ааттаабыта, онтон аны икки сылынан сэттис оҕото күн сирин көрбүтэ. Миитэрэй, хайыай, атын киһиттэн үөскээбит оҕону иитэригэр тиийбитэ, өйдөөҕөр, бэл, атаахтатара…
– Ийээ, аҕабыт итирик, умуһахха Линаны саһыар! – Марыына улахан оҕото, сэттис кылааска тахсыбыт уола түннүгүнэн аҕатын көрөн, ийэтигэр үөгүлүүр.
Ыал ийэтэ муннукка оонньуу олорор Линаны көтөҕөн ылан, улахан убайын кытта умуһахха киллэртиир уонна халыҥ суорҕаны ууна туран: «Адьас саптан олоруҥ уонна «чыып» даҕаны диэн саҥарымаҥ!» — диэн кытаанах укаас биэрэр.
Миитэрэй ааны арыйа баттаат: «Били баҕайы кыыһа ханна баарый? Атын киһи оҕотун ыбылы таһыйан биэриэххэ!» — дии-дии, дьиэҕэ көтөн түһэр.
– Төһө даҕаны атын киһи оҕото буоллар, оҕо туох даҕаны буруйа суох, буруйдаах киһи мин баарбын, миигин сиэ! — диэн, ийэ барахсан оҕотун көмүскэһэр.
Арыгы куһаҕан тыыныттан хара санааламмыт киһи хаһааҥҥыта эрэ тапталлаах кэргэнин чох харахтарын көрөн тохтуур уонна хоһугар ааһар. Онно киирээт, оронугар охтон хаалар.
– Тукаларыам, аҕаҕыт утуйда, оҥкучахтан тахсыҥ, — Марыына уоллаах кыыһын умуһахтан таһаартыыр.
Субу курдук Миитэрэй итирэн кэлбит күнүгэр сордоохтук, оттон арыгы испэтэх күнүгэр син дьон сиэринэн хас эмэ сыл олордулар. Ыал ийэтэ, ыарахан, тиийиммэт олоҕуттан, итирикситтиир кэргэниттэн дэлби санаарҕаан, кыраларын улахан оҕолоругар хаалларан ыаллыы олорор дьүөгэтигэр Дораҕа тахсан сэлэһэр, суланар, санаатын чэпчэтинэр. Сотору кэминэн, олох даҕаны дууһаларын уоскутунаары, «чэпчии» түһээри, аны бэйэлэрэ аһыы утаҕы амсайар буоллулар.
Аҕыйах сылынан кинилэр нэһилиэккэ соччото суох олохтоох, быстар дьадаҥытык олорор, иһээччи ийэлээх-аҕалаах ыал быһыытынан аатыраллар. Ол эрээри, төһө даҕаны Марыына субу курдук уустук кэмҥэ түбэстэр, оҕолорун төһө кыалларынан көрөр-истэр, өйүүр-убуур, таптыыр, аччыктаппакка сөбүгэр аһатар, таҥыннарар… Субу курдук олордохторуна, биир күн Миитэрэй сүрэҕэ тохтоон олохтон туоруур. Төһө даҕаны истэҕинэ кыыһырар, айдаан тардар аҕалаах буоллаллар, оҕолор аҕаларын аһыйаллар, харыһыйаллар, оттон Марыына иитэр-аһатар киһитэ суох буолбутуттан хараастар.
Сыл-хонук ыраатар. Ыарахан олоҕуттан сылтаан аһыы утаҕы амсайар буолбут эрээри, уруккутун курдук киирбит-тахсыбыт, сэргэх, кэрэ дьүһүнүн сүтэрбэтэх элбэх оҕолоох Марыынаны Рустам диэн аҕамсыйа барбыт огдообо киһи ойох ылар. Хор, оннук алыптаах, аптаах буолар эбит ээ, киһиэхэ сирдэрбэт үтүө, сэргэх майгы уонна харахтааҕы эрэ хайҕатар кэрэ, талба көстүү!
Марыына саҥа олоҕун оҥостуммучча, тапталын булбучча, арыгытын аччатан, сүрүн болҕомтотун саҥа булбут тапталыгар — кэргэнигэр, оҕолоругар уурар. Сүтэрбит күндү күннэрин эккирэтэр. Оҕолор улаатан, бииртэн биир туспа олохторун оҥостон төрөөбүт дьиэлэриттэн арахсаллар. Аҕамсыйбыт дьахтар дьиэтин иһэ чуумпура түһэр… олоҕор хойутаан булбут таптыыр киһитиниин эн-мин дэсиһэн, холумтан уотун саҥаттан күөдьүтэн, бур-бур буруо таһааран олордохторуна Рустам барахсан ыалдьан өлөр.
Марыына маҥнай утаа оҕолоругар ыалдьыттаан санаатын аралдьытынар. Онтон аҕыйах сылынан, били куһаҕан дьаллыкка ыллара сылдьыбыт содула бэйэтин биллэрэн, сүрэҕэ ыалдьар уонна соторунан күн сириттэн күрэнэр…
Ираида Коркина-Чугдаара